Соморсуннар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө икки күннээх тэрээһини ыыттылар

Соморсун нэһилиэгэр Аммабыт улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕа ыытылларын 100 күнүн бэлиэтиир дьоро тэрээһиннэр икки төгүрүк күнү хабан үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар.


Бастакы күн, кулун тутар 12 күнүгэр алгыстаах ааспыттаах, бигэ бүгүҥҥүлээх, саргылаах сарсыҥҥылаах Соморсун ытык, төрүт сиригэр — Олоҥхо ыһыаҕын көрсө 100 хонук хаалбыт күнүгэр, нэһилиэк уран тарбахтаахтарын үлэлэрин көрдөрөр иис, уус быыстапкалара дьон-сэргэ көрүүтүгэр турда. Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн  нэһилиэк уран иистэнньэҥнэрэ   Сардана Борохина, Дария Протасова, Октябрина Софронеева тикпит уонна историческай наука кадидата, биллилээх этнограф, норуот маастара Светлана Петрова салайааччылаах, олоҥхо  ыһыаҕын көрсө тэриллибит десант-маастар кылаастарын түмүгүнэн  тигиллэн тахсыбыт саха мааны таҥаһын дефилета нэһилиэк олохтоохторун биһирэбилин ылла.

Онтон бүгүн, кулун тутар 13 күнүгэр, Саха норуотун төрүт дьарыгын сөргүтэн, үтүө үгэстэрин харыстаан илдьэ сылдьан, кэлэр көлүөнэҕэ тириэрдэр аналлаах нэһилиэк тимири ыллатар — тимир уустарыгар ананан тутуллубут Уус кыһата  алгыстаах аанын арыйар, мааны малааһынын тэрийэр үөрүүлээх күнэ үүннэ. Дьоро күҥҥэ  улуус баһылыгын тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччыта, нэһилиэк куоратора Ион  Кононов, Соморсун нэһилиэгин тэриллии баһылыга Алексей  Кононов, улуус  култуураҕа уонна норуот айымньытын салалтатын салайааччыта Иван  Иванов, Амма улууһун тимир уустарын уопсастыбаннай түмсүүтүн салайааччыта  Роман Алексеев, Саха сирин тимир уустарын уопсастыбаннай түмсүүтүн холбоһуктарын толорооччу дириэктэрэ, СӨ норуотун маастара, тимир ууһа – Александр Терентьев  – Айгын Уус, саҥа үлэҕэ киирэр Уус кыһатын салайааччыта Николай   Павлов үөрүүнү үллэстэн, эҕэрдэ тыл эгэлгэтин анаатылар.

«Бу бырайыак “Эрчим” эр дьон түмсүүтүттэн саҕыллыбыта. Кинилэр улуус уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр ыыппыт күрэхтэригэр кыайбыт, миэстэлэспит Граннарын  көмөтүнэн,  онно эбии дьаһалта  үбүлээн, үс сыл устата тутуллан бу кыһабыт олоххо киирдэ уонна  Амма улууһугар бастакы нэһилиэккэ анаммыт Уус кыһата буолла. Бу кыһабыт үлэтин сүрүн тосхолунан нэһилиэкпитигэр тимиринэн уһаныан баҕалаах дьону, ыччаты түмүү, талааннарын сайыннарыы уонна хас биирдии нэһилиэк олохтооҕо бэйэтин күннээҕи туттар тэрилин-сэбиргэлин оҥосторугар туһаайыллар. Бу маннык уус дьиэлэрэ нэһилиэкпитигэр ааспыт үйэҕэ эмиэ арыллан үлэлээбиттэрэ биллэр. Ону биир дойдулаахпыт, норуодунай суруйааччы  Василий Егорович Васильев- Харысхал “салҕаан, үлэлэтин” диэн бэйэтин баҕа санаатын тиэрдэрэ. Ол үтүө санаатын сиэн быраата Станислав Терентьев ылсан,  олоххо киллэрэргэ биир төһүү күүс буолбутун иһин, бары тутууга көмөлөспүт бар дьоммор истин махталбын тиэрдэбин”, —  диэн баһылык Алексей Кононов үөрүүтүн үллэстэр.

Дьоро күн чэрчитинэн араас хабааннаах маастар- кылаастар ыытылыныллар. Ол курдук  Саха быһаҕын оҥоруутугар маастар кылааһы тимир ууһа, Саха сирин тимир уустарын уопсастыбаннай түмсүүтүн холбоһуктарын толорооччу дириэктэрэ, СӨ норуотун маастара  Александр Терентьев  – Айгын Уус, Мэҥэ — Хаҥаластан СӨ норуотун маастара Елисей  Баишев — Дэлэ Уус, киэргэл, симэх  тимирдэрин оҥоруутугар (чеканка)  тимир ууһа, СӨ  уус уран оҥоһуктарын маастара Нестер Онуфриев  – Нээстээр Уус,  кытыйаҕа, чорооҥҥо  оһуор анньыытыгар маастар кылааһы – тимир, мас ууһа, Ф. Лобанов аатынан Чапчылҕан орто оскуолатын уус кыһатын учуутала Илья  Артемьев, саха ыалыгар күннэтэ туттуллар муус анньар тэрили оҥорууга  Ф. Лобанов аатынан Чапчылҕан орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Антон  Чириков ыытаннар  нэһилиэк олохтоохторун  биһирэбиллэрин ыллылар.

Кэлбит ыалдьыттар нэһилиэкпит киэн туттуута, 128 сыл турбут үйэлээх тутууну,  Кутуковтар дьиэ кэргэн балаҕаннарын, онно баар уус тэриллэрин сэҥээрэ көрдүлэр. Бу балаҕаны удьуор уус Кутуковтар эһэлэрэ Данил Ксенофонтович – Баабычыах уус 1896 сыллаахха туппута биллэр.  Үөрүүлээх тэрээһин үрдүк өрөгөйүнэн нэһилиэкпит талба талааннаах далбар хотуттара  Сардана Борохина, Мария Трофимова «Амма улууһун Уран ууһа”  үрдүк аатын сүкпүттэрэ буолла.

Олоҥхо ыһыаҕын көрсө нэһилиэкпитигэр ытыллыбыт дьоро тэрээһиннэр саха буолар аналбытын, сатабылбытын сайыннаран, саргыбытын салайдыннар, кэскилбитин түстээтиннэр!

Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ

Читайте дальше