Чакыр нэһилиэгэ Амма улууһугар соҕотох өрүс нөҥүө биэрэгэр сытар нэһилиэк. Онон күһүн, саас өрүс хаайтарыытын билэллэр. Быйылгы курдук дьыл хойутаан иһэр кэмигэр олохтоохтор бэтэрээ биэрэккэ туоруулларыгар улахан моһуогу көрсө иликтэр. Кинилэргэ көмө аахсыйатын урбаанньыт Спартак Трофимов оҥоро сылдьар.
“Быйыл күһүн өрүспүт өр томмокко туран, хаайтарыы кэмигэр биһиэхэ Амматтан урбаанньыт Спартак Трофимов тахса сылдьыбыта уонна олохтоохтору нөҥүө биэрэккэ туоратарга көмөлөһүөн баҕарарын туһунан эппитэ. Ол курдук кини аэролодка диэн тэрил ылбытын, ону дьыалатыгар көрдөрүөн баҕарар эбит. Онон икки күн устата сылдьыбыта. Өссө бэҕэһээ уонна бүгүн сылдьар. Кини дьону буор босхо бэйэтин суотугар туоратар. Арай кини аэролодкатын олохтоох уолаттарбыт Виталий Яковлев уонна Дмитрий Устинов бортовой массыыналарыгар бэйэлэрин суоттарыгар илдьэллэр-аҕалаллар.
Спартак Михайловичка биһиги махталбыт улахан. “Сырыылаах нэһилиэк эбит” диэн соһуйар. Хаайтарыы кэмигэр нэһилиэккэ килиэп, араас эмп-томп, атын улахан кыһалҕалаах дьоммутугар бу күннэргэ олох абырал буолла. Кини бу лодканы үлэҕэ көрдөрөн, нэһилиэк да, улуустааҕы ЫМБ сулууспата да маннык оҥочону ылыахтарын наадатын уонна сыаната да удамырын этэр. Онон инникитин толкуйдуохпут”, — диэн Чакыр нэһилиэгин баһылыга Прокопий Прокопьев санаатын үллэһиннэ.
Чакыр олохтоох дьаһалтата үтүө санаалаах урбаанньыкка бэйэтин Махтал суругун туттарда.
“Амма олоҕо” хаһыат.