Сталинград босхолооһунугар анаммыт быыстапканы оҕолор сэргии көрдүлэр

Бу күннэргэ Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын кыраайы үөрэтэр түмэлигэр Сталинград куораты босхолооһуҥҥа аналлаах быыстапка турда. Оскуола үөрэнээччилэрэ быыстапканы интэриэһиргээн көрдүлэр, биир дойдулаахтарын туһунан элбэҕи биллилэр.

Быыстапканы түмэл  салайааччыта Наталья Ефремова тэрийдэ. Түмэлгэ ыытыллыбыт аһаҕас  уруоктар элбэх үөрэнээччини, үлэһити хаптылар.  Маны сэргэ быыстапкаҕа нэһилиэк олохтоохторо эмиэ сырыттылар. Үйэлэргэ умнуллубат, Аҕа дойду улуус сэриитин суолталаах кыргыһыытыгар,  Сталинград куораты көмүскээһиҥҥэ  Амма Наахара нэһилиэгиттэн эмиэ кыттыыны ылбыттара. Хорсун буойуннар кимнээхтэрий? Биһиги кинилэр ааттарын киэн тутта ааттыыбыт:  Александр Максимович Васильев, Георгий Романович Семёнов, Леонид Васильевич Гермогенов, Гаврил Гаврильевич Павлов, Василий Иванович Яковлев уонна Тимофей Егорович Сосин.

Үөрэнээччилэр Наталья Николаевна тэрийбит быыстапкатыттан элбэҕи биллилэр,  хорсун биир дойдулаахтарын туһунан  билистилэр, «Бессмертный подвиг Сталинграда» диэн викторинаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. Улуу Кыайыыны аҕаларга тыыннарын толук уурбут саллааттар тустарыгар үчүгэйдик үөрэнэн, элбэх ситиһиилэнэн, эйэлээх олох буоларыгар баҕа санааларын эттилэр. Оҕолор аһаҕас уруоктан астынан,  үөрэн бардылар.

Ирина КОРЯКИНА-ОЛЕСОВА

Читайте дальше