Степан Кузьмин: «Анал этиитигэр Ил Дархан Амма улууһун сайдыытыгар болҕомтотун уурда»

Ил Дархан Айсен Николаев быйылгы Судаарыстыбаннай мунньахха Анал этиитигэр Амма улууһун сайдыытыгар эмиэ тохтоото. Бу туһунан улуус баһылыга Степан Кузьмин санаатын үллэстэр.

» Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич 2024 сылы көрсө Анал этиитигэр бары улуус баһылыктара, дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ, Ил Түмэн дьокутааттара, уопсастыбаннас кыттыыны ылла. Айсен Сергеевич кэлэр 2024 сылы Оҕо аймах сылынан биллэрдэ. Ол курдук кини Этиитигэр оҕолору дойдуга бэриниилээх буолар гына иитиигэ улахан болҕомтону уурарга тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Онон бу өртүгэр ыытар үлэбит өссө күүһүрүөхтээх. Маны сэргэ Өлүөнэни туоруур муоста 2028 сылга түмүктэниэхтээх. Бу Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тус соруга буолар. Күүтүүлээх муостабыт тутуута аҕыйах ыйынан саҕаланыа диэн Ил Дархан эттэ. Маны таһынан олох үөрэ истибитим Айсен Сергеевич «Амма» региональнай суолу чөлүгэр түһэриигэ улахан болҕомтобун ууруом диэн эттэ уонна Бырабыыталыстыбаҕа сорудахтаата. Ону тэҥэ 2025 сылга Аммаҕа тутулла турар поликлиника үлэҕэ киириэхтээҕин эттэ. Уопсайынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҕаламмыт социальнай эбийиэктэр тутуулара салгыы ыытыллыахтаах, хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамата эмиэ тохтообокко өссө күүскэ салгыы барыа, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар туһуланар бары үлэлэр эмиэ салгыы барыахтара диэн быһаччы бэлиэтээтэ. Дьэ ону толорууга бука бары күүскэ үлэлиэҕиҥ диэн ыҥырда»,- диэн Степан Николаевич санаатын үллэһиннэ.
«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте дальше