Бэҕэһээ, кулун тутан 23 күнүгэр, бүгүҥҥү күнү Бэрэсидьиэн Владимир Путин Дойду үрдүнэн норуот бүттүүнүн Кутурҕан күнүнэн биллэрдэ. Сидьиҥ, туох да сырдык санаата суох, хара дьайдаах дьон туох да буруйа суох, сынньана кэлбит дьону ытыалаан барыбыт сүрэҕэ аймаата уонна долгутта. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин Москва олохтоохторугар бука барыларыгар кутурҕанын биллэрэн туран, кулун тутар 23 күнүгэр улууска ыытыллыахтаах бары аралдьытар тэрээһиннэри тохтотор туһунан дьаһал таһаарбыта.
“Билэргит курдук бу соторутааҕыта Дойдубут Бэрэсидьиэнин быыбара буолан ааспыта. Онно Амма дьоно олус өрө көтөҕүллэн туран кыттаннар, Владимир Путин иһин 90-тан тахса бырыһыан куоластарын биэрбиттэрэ. Саха сирин бары олохтоохторо эмиэ кинини өйүүллэрин биллэрбиттэрэ. Бу барыта Владимир Владимирович ыытар бэлиитикэтин өйүүрбүтүн, кини салгыы дойдубут сайдыытыгар ыытар үлэтигэр тэҥҥэ бииргэ үлэлиирбитин көрдөрөр. Кулун тутар 22 күнүгэр Москва куорат аттынааҕы Красногорскай куорат “Крокус Сити Холл” комплекска киһи өйүгэр баппат сидьиҥ быһыылаах теракт буолан үгүс элбэх киһи суорума суоллана, бааһырда. Манан сиэттэрэн Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин кулун тутар 24 күнүн Арассыыйа үрдүнэн Кутурҕан күнүнэн биллэрдэ. Биһиги Ил Дархаммыт Айсен Николаев теракт тахсаатын кытта бэйэтин дириҥ кутурҕанын биллэрэн, Москва олохтоохторун кытта аһыыны тэҥҥэ үллэстэрин, хайаатар да бу сидьиҥ быһыыны таһаарбыт буруйдаахтар тутуллан сөптөөх миэрэҕэ тардыллыахтарыгар эрэнэрин биллэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бары аралдьытар тэрээһиннэри тохтотор туһунан дьаһала тахсыбыта. Биһиги эмиэ бу дьаһалга кыттыһан улууспутугар ыытыллыахтаах тэрээһиннэри тохтоппуппут. Билигин хаһааҥҥытааҕар да бары биир сомоҕо буолан, Дойдубут Бэрэсидьиэнин тула түмсэн, кинини өйүүрбүтүн бэйэбит эр санаабытынан, бииргэ буолуубутунан көрдөрүөхтээхпит. Кини бэҕэһээ оҥорбут этиитигэр, буруйдаахтар тутуллубуттарын, бу иэдээни сакаастаабыт, тэрийбит уонна толорбут дьон бары сөптөөх миэрэҕэ тардыллыахтара диэн эттэ. Владимир Владимирович “бүгүн ытык иэспитинэн бары бииргэ түмсүүлээх буолуох тустаахпыт” диэн этэн туран, онно кини эрэнэрин биллэрдэ. Дойдубут салайааччыта бу эрэлин биһиги түһэн биэрбэккэ, бары биир сомоҕо буолуоҕун”, — диэн Степан Николаевич санаатын тириэртэ.
“Амма олоҕо” хаһыат