Степан Кузьмин “Элбэх саҥа национальнай бырайыактар киирэллэрин сэргии иһиттим”

Бүгүн киэһэ бэйэбит бириэмэбитинэн киэһэ 6 чааска Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха бэйэтин туһаайыытын  оҥордо. Бу Этиини үгүс дьон долгуйа да, интэриэһиргии да күүппүттэрэ. Тоҕо диэтэр бу Анал туһаайыыга дойдубут инники алта сылга сайдыытын туһунан этиллиэхтээҕэ. Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин эмиэ Туһаайыыны  болҕойон истибитин уонна элбэх саҥа этиилэр киирбиттэрин, соруктар турбуттарын бэлиэтиир.


“Дойду Бэрэсидьиэнэ быйылгы анал Этиитигэр күн бүгүҥҥэ диэри сэҥээриини ылар национальнай бырайыактарга тохтоото. Ол курдук хас да национальнай бырайыактар баар буолуохтара. Билэргит курдук Арассыыйаҕа 2024 сыл Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэн турар. Ол чэрчитинэн быйылгыттан саҕалаан “Дьиэ кэргэн” диэн саҥа национальнай бырайыак баар буолуо. Бу бырайыак оҕолоох дьиэ кэргэн олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга уонна оҕо төрөөһүнүн улаатыннарыыга туһаайыллар. Маны сэргэ дьиэ кэргэн ипотекатын 2030 сылга диэри уһатарга этиини киллэрдэ. Бу барыта дьиэ кэргэн олоҕо туруктаах буоларыгар төһүү буолара саарбаҕа суох. Маны таһынан дьон олоҕун уһатыыга, аҕам саастаах дьоммут доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт “Продолжительная и активная жизнь” диэн эмиэ саҥа национальнай бырайыак баар буолуо. Маны сэргэ кадр боппуруоһа уустугунан, бу өртүгэр кыһалҕалар баар буолбуттарын өйдөөн “Кадр” диэн национальнай бырайыак баар буолара эмиэ үөрдэр. Бу бырайыак үлэлээтэҕинэ, бары эйгэлэргэ кадр боппуруоһун быһаарыыга, дьиҥ бэйэлэрин үлэлэригэр бэриниилээх, билиилээх профессионаллар баар буолуохтара диэн эрэнэбин. Владимир Путин маны сэргэ бу Анал Этиитигэр муниципальнай былаастарга ураты болҕомтотун ууран, кинилэр сайдыыларыгар туһуламмыт этиилэри оҥордо. Ол курдук ордук кыра кытыы бөһүөлэктэр сайдыыларыгар сөптөөх үп харчы көрүллэн, норуоттан тахсар көҕүлээһиннэри өйөөбүттэрин курдук салгыы өйүөхтэрэ диэн этиитин олус сэргии иһиттим. Владимир Путин бу быйылгы Этиитэ, биһиги дойдубут алта сыл устата биир тэтимнээхтик, туруктаахтык сайдарыгар туһуланна ”, — диэн Степан Николаевич санаатын үллэстэр.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше