Бүгүн Бөтүрүөп күн. Окко киирии саҕаланар. Бэҕэһээ Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр Ил Дархан Айсен Николаев киин уонна илин эҥэр улуустар баһылыктарын кытта сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ сүбэ мунньаҕы ыытта. Мунньахха Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, туһааннаах исписэлиистэр сырыттылар.
“Биһиги быйылгы сезоҥҥа тириэрдиллибит сорукпут 29000 тонна от. Бэйэбит ходуһалары кэрийэн көрүүбүтүнэн уонна баар эбии аһылыктарбытын, кур оппутун ааҕынан туран, сыл тахсар оппутун булунуохпут диэн суоттанабыт. Сүөһүнү аччатыы тахсыа суохтаах. Онтон сезоннааҕы былааны 75 бырыһыан толоруохпут диэн соруктанабыт. Эбии аһылыктарга былааннарбытын, ол курдук сиилэскэ 1500, сенажка 1900 тоннаны куоһарбыт киһи диэн баҕалаахпыт. Быйыл сүрүн болҕомтобутун соломоҕо ууруохпут. Быйыл саас сииги баттаһа 3557,2 гектарга туорахтаах култуураны 100 бырыһыан ыспыппыт. Билэргит курдук бэҕэһээ ардах балайда хабан ааста. Онон окко да, бурдукка да эбиллии тахсыа диэн эрэнэбит. Ил Дархан сүбэ мунньахха миэстэтигэр күүскэ оттуурга, үрэх сирдэри үчүгэйдик оттуурга сорудахтаата. Биһиги эмиэ оннук соруктанан үлэни тэрийэбит. Ол курдук улахан үрэхтэрбитинэн Оломунан, Күүлүпчэнэн, Нуотаранан оттуохтаахпыт. Манна мобильнай биригээдэлэр сүрүн оруолу ылыахтара. Биһиэхэ күн бүгүн 36 сайаапка киирбитэ.
Айсен Сергеевич биригээдэлэргэ көмөнү оҥорууга бырабыыталыстыбатаҕа, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэригэр сорудах биэрдэ. От хампаанньата саҕаланна. Сүөһүбүтүн, сылгыбытын сыл таһаарар аһы-үөлү булар эппиэттээх кэммит үүннэ. Онон билигин бары күүһү оттооһуҥҥа уурабыт. Үлэни көҕүлүүр инниттэн, бэйэбит бюджеппититтэн үп тыыран, нэһилиэктэргэ күрэх тэрийдибит. Урукку да өртүгэр күрэхтэр бааллар этэ. Онно бириис техника буолара. Билигин бастаабыт нэһилиэк 1,5 мөл. солкуобайы ылыа. Уопсайа күрэххэ диэн 6 мөл. солк тыырылынна”, — диэн улуус баһылыга Степан Кузьмин сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат