Сулҕаччы «көмүс саастаахтара» чуҥкуйары билбэттэр

Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтиир тэрээһин быйыл Сулҕаччы уонна Сэргэ Бэс олохтоохторугар бэрт интэриэһинэйдик, олус уратытык ыытылынна.

Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата,  нэһилиэк бэтэрээннэрин Сэбиэтэ, социальнай харалта киинин үлэһиттэрэ, Х.Максимов аатынан сынньалаҥ киинэ, Ф. Наумов аатынан библиотека үлэһиттэрин тэрээһиннэринэн быйылгы Аҕам саастаахтар декадалара олус сэргэхтик, сонуннук ыытылынна. Урукку сыллартан биир уратытынан, нэһилиэк, улуус, республика туһугар үлэлээн-хамсаан, үгүс үтүөнү оҥорбут, билигин ветераннар кэккэлэригэр суох буолбут юбилейнай  саастаах ытык дьоннор ааттарын ааттаан, ахтан-санаан, кыратык бэлиэтээн ааһыы буолла. Ол курдук, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, Саха Республикатын бочуоттаах пенсионера, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ ветерана, республикаҕа биллэр кыраайы үөрэтээччи, нэһилиэк историятын, биллиилээх дьонун үйэтитиигэ элбэх брошюраны, кинигэни суруйбут Петр Михайлович Павлов уонна «Бочуот Знага» орден кавалера, ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, ССРС Бочуоттаах донора, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл, үлэ ветерана, Чурапчы күүс өттүнэн хоту көһөрүллүүтүн кыттыылааҕа, 1949 сылтан 2005 сылга диэри, барыта 56 сыл устата, доруобуйа харыстабылын курдук эппиэттээх, ыарахан үлэҕэ бүтүн олоҕун анаабыт биэлсэр Егор Иннокентьевич Ефимов төрөөбүттэрэ 95, сэрии, тыыл, үлэ ветерана, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Сулҕаччы нэһилиэгин И.П. Михайлов-Харачаан аатынан колхоз чилиэнэ, пулеметчик. «Ленинград оборонатын иһин», «Хорсунун иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр, «Октябрьскай революция» орден кавалера, САССР үтүөлээх тутааччыта Василий Степанович Николаев төрөөбүтэ 110, Сулҕаччы нэһилиэгин бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, 30-с сылларга Дьокуускай куоракка советскай-партийнай оскуолаҕа үөрэммит, партия райкомун инструкторынан, онтон комсомол райкомун тэрийэр отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит, кулууп бастакы директора Мотрена Петровна Васильева төрөөбүтэ 105, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сэрии сылын оҕото, РСФСР норуотун үөрэҕэриитин туйгуна, учуутал, библиотекарь, общественник Зинаида Никитична Михайлова төрөөбүтэ 85, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, 2018 сыллаахха тахсыбыт “Уйан кылы таарыйан” диэн ааттаах хоһоон хомуурунньугун ааптара Тамара Васильевна Семенова төрөөбүтэ 70 сыллара бэлиэтэннилэр. Ытык кырдьаҕастарбыт төрөппүт оҕолоро, сиэннэрэ кинилэр олохторун, үлэлэрин кэпсиир хаартыскалаах стендэлэри, альбомнары уонна кинигэлэр быыстапкаларын бэлэмнээн аҕалан дьон көрүүтүгэр туруордулар. Маны таһынан дьоро күн үөрүүлээх чааһыгар кинилэр олохторун кэпсиир кылгас презентация көрдөрүлүннэ. Биир кэрэхсэбиллээҕэ – тэрээһиҥҥэ бэлиэ саастаах ытык кырдьаҕастар төрөппүт оҕолоро кыттыыны ыллылар, ол курдук Петр Михайлович Павлов төрөппүт кыыһа Екатерина Михайлова Сулҕаччыга тэриллибит “Тэҥнэбил” артыал 100 сылыгар аналлаах ыһыахха аһыллыбыт, 1954 сыллаахха ыйаммыт “Капсула времени” ис хоһоонун кэпсээтэ, улахан экраҥҥа толору көрдөрдө.

Василий Степанович Николаев төрөппүт кыыһа Оксана Борисова Абаҕаттан кэлэн аҕатын олоҕун, үлэтин кэпсиир сэдэх хаартыскалары көрдөрдө, кэпсээтэ уонна бэйэтин аҕатын аатынан “Үйэлээх тутуу” диэн анал ааты, харчынан бириэмийэни нэһилиэк элбэх оҕолоох, быйыл саҥа дьиэҕэ киирбит Роксана, Иосиф Стручковтар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ туттарда. Аҕатын билэр дьонун, табаарыстарын оҕолорун кытта билистэ, ирэ-хоро кэпсэтэн барда.

Үөрүүлээх чааска бэтэрээннэри Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан баһылыгы солбуйааччы Василий Александрович Неустроев эҕэрдэлээтэ, наҕараадалары туттартаата.

Үһүс көлүөнэ “Күөгэйэ” үҥкүү бөлөҕө “Бурятскай” үҥкүүнү бэлэх ууннулар. Салгыы тыыл, үлэ ветерана, Амма улууһун уонна Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Петр Михайлович Павлов суруйбут хоһооннорун дорҕоонноохтук ааҕыыга күрэх тэриллибитигэр 9 киһи кыттыыны ылла, түмүк маннык буолла: 1-кы миэстэ Раиса Иосифовна Стручкова, 2-с миэстэ Александра Михайловна Кириллина, 3-с миэстэ Зоя Петровна Рязанская, биһирэбил бириис — Розалия Иннокентьевна Кириллина. Хоһоон ааҕааччылартан уонна көрөөччүлэртэн хас да киһи  Петр Михайлович туһунан кылгас, истиҥ ахтыы оҥордулар.

Кэлбит ыалдьыттар бырааһынньыктааҕы итии чэйдээх остуол тула ирэ-хоро кэпсэттилэр, оонньуу-көр арааһа буолла. Ол курдук, «Күһүҥҥү серенада» ырыа күрэҕэр Степанова Мария Георгиевна бастаата, иккис миэстэ Максимова Агнесса Дмитриевна, үһүс миэстэ Кульбертинов Валерий Тихонович буоллулар.

«Мин эбэм былаата» диэн сонун былыргы былаат күрэҕэр Михайлова Анастасия Николаевна кыайыылаах таҕыста. «Былыргы ырыанньык» диэн урукку илиинэн суруллубут ырыанньык күрэҕэр 1942 уонна 1952 сыллаахха суруллубут уруһуйунан киэргэтиллибит ырыанньык тэтэрээттэр хаһаайкалара Елена Григорьевна Рязанская бастаата.

— «Эдэр сааһым таҥаһа»(ретро-стиль) муода күрэҕэр 8 киһи кыттыыны ылла. Күрэххэ Егорова Галина Иннкентьевна бастаата, 2-с миэстэ Михайлова Екатерина Петровна, 3-с миэстэ Горохова Евдокия Егоровна буоллулар. Күрэххэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар араас бириистэр туттарылыннылар.

Дьоро киэһэ түмүктэниитэ бары күрэхтэргэ актыыбынайдык кыттыбыт Зоя Петровна Рязанскаяҕа, Агнесса Дмитриевна Максимоваҕа, Семен Никитич Еримеевкэ уонна тэрээһиннэргэ кыттар Наталья Прокопьевна Андросоваҕа анал бириистэр туттарылыннылар.

Биэчэргэ сылдьыбыт кырдьаҕастар, аҕам саастаахтар тэрийээччилэргэ үгүс махтал тылын эттилэр, дуоһуйан, астынан тарҕастылар.

Педагогическай үлэ ветераннара Агнесса Максимова, Зоя Рязанская: “Сыл аайы кырдьаҕастарга анаан араас тэрээһиннэри ыытаргыт олус үчүгэй, сэргэхсийии буолар. Быйылгы тэрээһиҥҥэ элбэх буолан үчүгэй, кулууп, библиотека үлэһиттэрэ сонун, сэргэх тэрээһиннэри тэрийдилэр, көхтөөхтүк кытынныбыт, онон олус махтанабыт. Инникитин да маннык тэрээһиннэр буола турдуннар, сэргэхситэ сырыттыннар. Үлэҕитигэр ситиһиилэри, доруобуйаны, дьолу баҕарабын”.

Розалия Иннокентьева: “Кырдьаҕастар декадаларынан наһаа үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт,тэрийбит дьоҥҥо барҕа махтал,инникитин да маннык саастаах дьону үөрдэ көтүтэ сылдьыҥ, баҕарабын доруобуйаны, дьоллоох олоҕу”.

Дьоро киэһэни Сулҕаччы нэһилиэгин ветераннар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Д. Наумов аатынан библиотека кылаабынай библиотекара Елена Попова, Х.Максимов аатынан кулууп режиссера Мария Дьячковская, кинилэри кытта тэҥҥэ тэрийсэн үлэлэстилэр социальнай киин үлэһиттэрэ Ньургустина Павлова, Саргылана Тарасова, олохтоох дьаһалта үлэһитэ Евгения Степанова тэрийэн ыыттылар.

Манна эбэн эттэххэ, декада устата «Сарыал» маҕаһыыҥҥа «Үтүө санаа» ас-үөл, табаар корзинатын акция үлэлээтэ. Хомуллубут бородуукта ытык кырдьаҕастарбытыгар, барыта 5 киһиэхэ үтүө баҕа санааны кытта бэлэх быһыытынан туттарылынна. «Көмүс күһүн, көмүс саас» күһүҥҥү ыраастаныы субуотунньуктара, оскуола бары кылаастара кыттыылаах тимуровскай көмөлөр оҥоһулуннулар. Ветераннар, пенсионердар “Кырдьаҕастан-алгыһын» акцияҕа кыттан СВО кыттыылаахтарыгар харысхал бэлиэтин оҥорууга кыттыстылар. Итиэннэ «Эдэрдии эрчиминэн» лотуоһуттар күрэхтэрэ эмиэ элбэх кыттааччыны түмтэ.

„Амма олоҕо“ хаһыат.

Читайте дальше