Сулҕаччыга “Бастыҥ уһуйааччы” күөн күрэс ыытыллар

Х. Максимов аатынан сынньалаҥ киинэ (дириэктэр Жанна Григорьевна Максимова) уонна Сулҕаччы нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Артем Германович Степанов) Россияҕа биллэриллибит Уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит сылын түмүктүүр уһуйааччыларга аналлаах “Бастыҥ уһуйааччы” күөн күрэс ыыталлар. Күрэс сыалынан Учуутал уонна уһуйааччы оруола улаханын туһунан өйдөбүлү үөскэтии, уһуйааччы үлэтин-хамнаһын киэҥ араҥаҕа тарҕатыы буолар.

Алтынньы 14 күнүттэн саҕаламмыт күрэх 4 түһүмэхтээх.  Бастакыта — бэйэни билиһиннэрии, иккис  — “Талба талаан” сэтинньи 11 күнүгэр буолан ааспыта. Онтон ахсынньы 7 күнүгэр 3-с түһүмэх, ол эбэтэр  өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, Амма улууһугар Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу уонна культурнай нэһилиэстибэ сылларын чэрчитинэн “Мин нэһилиэкпэр саҥаны киллэрии”бырайыак көмүскээһинэ буолан ааста. Манна 4 уһуйааччы кыттыыны ылла: Сулҕаччытааҕы “Чычып-чаап” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Стручкова Роксана Михайловна“Киистэ кэпсээнэ” бырайыагынан,  М.Н.Сибирияков аатынан Сэргэ-Бэс оскуолатын математика учуутала Иннокентьев Прокопий Николаевич “Чороон киирии знага” бырайыагынан, М.Н. Сибирияков аатынан Сэргэ Бэс оскуолатын уруһуй уонна технология учуутала Борисова Нюргустана Прокопьевна “Өрүс биэрэгэр смотровой площадка” бырайыагынан уонна М.Н. Сибирияков аатынан Сэргэ-Бэс оскуолатын музыкаҕа учуутала Удина Мария Михайловна“Саха балаҕана” бырайыагынан.

Дьүүлүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ бүтүн олохторун анаабыт педагогическай үлэ ветераннара: СР үөрэҕириитин туйгуна, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Людмила Прокопьевна Иванова, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Алексей Ильич Никифоров, Россия уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Мария Эдуардовна Борохина үлэлээтилэр. Дьүүллүүр сүбэ  бырайыактар ис хоһоонноруттан да, көмүскээһинтэн да астыммыттарын биллэрдилэр.

Аны кыттааччылар иннилэригэр түмүктүүр 4-с этаптара хаалла, темата “Мин тоҕо уһуйааччы идэтин талбыппыный?, манна кинилэр эссе суруйан, дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаарыахтара. Дьэ бу кэнниттэн, ыытыллыбыт күрэстэр түмүктэрэ биллиэ, ким кыайыылааҕа быһаарыллыа. Онтон мин санаабар, кыттааччылар бары да тэгил тэҥнэр, маладьыастар, этэргэ дылы “кинилэр бары бастыҥ уһуйааччылар”.

Елена ПОПОВА.

Читайте дальше