Сулҕаччылар, сэргэ бэстэр олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин бырагырааматыгар көхтөөхтүк кытталлар

Аҕыйах хонуктааҕыта Сулҕаччы нэһилиэгин уонна Сэргэ-Бэс бөһүөлэгин олохтоохторо 2025 сылга нэһилиэнньэ көҕүлээһинин үбүлүүр (ППМИ) программаҕа кыттыы боппуруоһун көрүү мунньаҕар олус көхтөөхтүк кытыннылар.

Мунньах иннигэр нэһилиэнньэҕэ гугл форманан ыйытык ыытыллыбытыгар 306 киһи толордо.  Ол аата быыбардааччы 60-тан тахса бырыһыана кыттыыны ылла. Ыйытыкка кыттыбыт дьонтон 39 бырыһыаннара скважинаттан кэлэр уу ситимин турбанан хааччыйыыга, 33% эдэр исписэлиистэргэ уопсай дьиэ тутууга, 21% уу баһар массыына атыылаһыыга, 16% атын араас боппуруостарга,5% сквер тутуутугар куоластарын биэрдилэр. Ыытыллыбыт мунньахтарга икки нэһилиэнньэлээх пууннарга 201 киһи кыттыыны ылла. Улахан ырытыы, сүбэлэһии кэнниттэн скважинаттан кэлэр уу ситимин турбанан хааччыйыынынан 2025 сылга олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин үбүлүүр программаҕа кыттарга диэн биир санааҕа кэлэн, илии уунан куоластаатылар.

Елена Попова.

Читайте дальше