Сыал-сорук дьэҥкэ — Олоҥхо ыһыаҕын үрдүк таһымҥа тэрийэн ыытыы

Улуус баһылыга Степан Кузьмин бу сыл бүтэһик планеркатыгар нэһилиэк баһылыктарын уонна тэрилтэлэр салайааччыларын кытары көрсөн быйылгы үлэ түмүгүн таһаардылар, эһиилги соруктары торумнастылар.


Степан Николаевич быйыл анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр үлэ көдьүүстээхтик барбытын, чуолаан фондаҕа харчы хомууругар Амма атын улуустартан таһыччы ордубутун эттэ: “Биһиги улуустан анал байыаннай дьайыыга 170-тан тахса киһи дойду интэриэһин көмүскүү сылдьар. Кинилэри өйүүр үлэ, кыах баарынан, барар. Фондаҕа үлэбитин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар хайҕаан тураллар. Холобур курдук эттэххэ, сорох улуустар фондаҕа 600 тыһыынча солкуобайы хомуйбут буоллахтарына, биһиги 10 мөлүйүөн солкуобайы фонда нөҥүө хамсатан олоробут. Бу барыта эһиги – баһылыктар, салайааччылар үлэҕит үтүө түмүгэ”. Улуус баһылыга маны таһынан араас общественниктар, биирдиилээн да дьон көмөҕө көхтөөхтүк кыттыбыттарын, аны да кытталларын чорботон бэлиэтээтэ уонна: “Дойдуга бүрүүкээбит уустук кэмҥэ салгыы түмсүүлээхтик үлэлээтэхпитинэ табыллар. Көмөнү эйэлээх олох кэлиэр диэри тохтоппоппут”, — диэн эттэ.

Быйылгы “Дьулуур” спартакиада ааттаах үчүгэйдик тэриллэн Амма улууһа аата үтүө тылынан элбэхтэ ахтылынна. Онон, улуус баһылыга баһылыктары уонна салайааччылары олоҥхо ыһыаҕын онтон итэҕэһэ суохтук үрдүк таһымнаахтык ыытарга үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырда.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Нюргуяна Илларионова инники соруктары туруорар тылыгар маҥнай быйылгы икки улахан тэрээһин үчүгэйдик ыытыллыбытыгар тохтоото. Бииринэн, улуус бастакы кулубата Афанасий Рязанскайы – улууһу төрүттээбит эрэ киһи быһыытынан ылыммакка, алаас-алааһынан бытанан олорор саха майгытыгар судаарыстыбаннас диэн өйү-санааны, толкуйу бастакынан сахпыт дьонтон биирдэстэринэн билинэллэрин ситистибит диэн бэлиэтээтэ. Итиэннэ иккиһинэн, дойду ыһыллар-тоҕуллар тоҕус уонус сыллардааҕы улугуруутуттан улууһу уһугуннарбыт Дмитрий Наумов үбүлүөйүн эмиэ өйдүү-саныы сылдьар гына умнуллубаттык, бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллыбытынан аахта. Маны сэргэ, спорт эйгэтигэр Николай Захаров-Сахаачча төрөөбүтэ 75 сыла уонна “Дьулуур” спартакиада эмиэ саха сиригэр тыас таһаарбыт тэрээһиннэринэн буоллулар. Ньургуйаана Ивановна “Дьулуур” түмүгүнэн Амма улууһа бастыҥ улуус аатын сүктэ, салгыы холу тардынан өссө өрөйөн-чөрөйөн биэриэххэ диэн баһылыктары ыҥырда: “Биһиэхэ ардыгар “атын улуустарга холоотоххо ахсааммытынан аҕыйахпыт, кыра улууспут” диэн өй-санаа баһыйара баар, ити санааны төбөбүтүттэн адьас ылан быраҕан кэбиһиэхтээхпит. Мин дойдубар кэлэн үлэлээбитим биир сыл буолла. Оннук үлэлиир кыаҕы биэрбит Степан Николаевичка махтанабын. Киһи дойдутугар үлэлиирэ олох уратылаах, туспалаах. Бу биир сыл үлэлээн баран баһылыктары, салайааччылары кытары алтыспыт кэннэ, мин — биһиги сүрдээх кыахтаах улууспут диэн санааҕа кэллим. Ханна да таҕыстахтарына Амма баһылыктара харахха тута быраҕыллаллар – кыахтаах, сүрдээх үчүгэй хамаанда. Хас биирдии баһылык, салайааччы – улууһун туһугар миссиялаах буолуохтаах. Ол эбэтэр, бастатан туран, улуус олохтооҕун олоҕо тупсарын туһугар. Иккиһинэн, улуус аатын-суолун, таһымын үрдэтиигэ, Амма улууһа Саха сиригэр инники күөҥҥэ сылдьар улуус буоларын туһугар бары үлэлиэхтээхпит”. Нюргуяна Ивановна түмүгэр улуус уйанын-хатанын тургутар улахан тэрээһини – олоҥхо ыһыаҕын уос номоҕор кубулуйар курдук чаҕылхайдык ыытар туһугар үлэлииргэ ыҥырда.
Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиигэ улахан үлэ нэһилиэк баһылыктарыттан эрэйиллэрин туһунан култуура управлениетын салайааччыта Иван Иванов эмиэ тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Ыһыахха бэлэмнээниигэ, олохтоохтору кытары кэпсэтиигэ, хамсатыыга хас биирдии баһылык, салайааччы санаатын ууран туран үлэлиирэ ирдэнэр. Бары былааннаахтык, сиэрдээхтик ыытыахха”. Иван Федорович эһиилги сылы улуус баһылыга Аммаҕа Олоҥхо сылынан биллэрбитин санатан туран, нэһилиэк баһылыктара эһиилги бүддьүөттэрин тыыралларыгар олоҥхоҕа суолта ууран умнубаттарыгар ыҥырда.
Олоҥхо ыһыаҕын ыһарга улахан үлэни тыа хаһаайыстыбатын салаата сүгээри сылдьар. Туох баар аһын-үөлүн, кыылын хаһаайыстыбалаахтар хааччыйыахтаахтар. Ыһыах сүрүн туруорааччыта  төһө сылгыны  ирдээри олороро билиҥҥитэ биллибэт. Онон, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов сүүс ыҥыырдаах аты көрдүөхтэрэ диэн сабаҕалаан нэһилиэктэргэ өлүүлээн үллэрбиттэрин туһунан эттэ. Итини таһынан ыалдьыт бөҕө кэтэһиллэр, быһа холоон, 25-30 тыһыынча киһини күүтэбит. Бачча элбэх ыалдьыты аһатарга тыа хаһаайыстыбата саба быраҕан туонна 5 туонна быырпах, 10 туонна эти баар гынар соруктаах олорор.
Онон, кэлэр дьылга Олоҥхо ыһыаҕар болҕомто улахана ууруллаары турар.

Олег Егоров.