Сулҕаччытааҕы Х. Максимов аатынан культура уонна сынньалаҥ киинигэр субуота күн тыа хаһаайыстыбатын күнэ бэрт сэргэхтик уонна сонуннук ыытылынна.
Бастатан туран үөрүүлээх чааһыттан саҕалаатахха, бу күн республика, улуус, нэһилиэк тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар үгүс кылааттарын киллэрбит үтүө-мааны үлэһит дьоммутугар үрдүк наҕараадалар туттарылыннылар.
Ол курдук, ынах иитиитигэр өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтин уонна республикаҕа фермерскэй хамсааһын сайдыытыгар улахан кылаатын иһин, “Саха Республикатын үтүөлээх фермерэ” бочуоттаах аат Дария Стиновна Капитоноваҕа иҥэрилиннэ, Сулҕаччы нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан тус кылааттарын иһин, Сулҕаччы нэһилиэгин муниципальнай тэриллии дьаһалтатын “Бочуотунай Грамотата” өр сылларга тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар Сулгачаана Алексеевна Крюковаҕа, Фомин А.К. крестьянскай-фермерскэй хаһаайыстыбатын эппиэттээх үлэһитигэр, биригэдьииригэр Николай Христофорович Даниловка туттарылыннылар. Амма улууһун тыа хаһаайыстыбатын салаатын Махтала сылын ахсын ыытыллар “Идэһэ” бырааһынньыгын тэрийиигэ үтүө көмөлөрүн иһин Сулҕаччытааҕы арыы сыаҕын үлэһиттэригэр: маастар Евдокия Петровна Даниловаҕа уонна кочегар Валентин Христофорович Даниловка, Сэргэ Бэстээҕи үүт тутар пуун маастарыгар Светлана Софроновна Слепцоваҕа туттарылыннылар.
Сонун саҕалааһын, Сулҕаччытааҕы ветеринарнай пуун үлэһиттэрин көҕүлээһининэн, Амматааҕы ветеринарнай управление өйөөһүнүнэн Саха Республикатын ветеринарияҕа департамена, Амма улууһун ветеринарнай салаатын уонна ветеринарнай-испытательнай лабораториятын, “Өр сылларга ынах-сүөһү хаһаайыстыбатын иитиигэ тус кылааттарын иһин” анал аат уонна 3000 солк. сумалаах Сертификат сүөһү-ас тутан олорор нэһилиэкпит аҕам саастаах ыалыгар Зоя Петровна, Афанасий Афанасьевич Рязанскайдарга, Сулгачаана Алексеевна Крюковаҕа Сулҕаччы нэһилиэгин ветеринарнай пуун салайааччыта Лена Владимировна Неустроева туттарда.
Тэрээһин иккис чааһыгар түөлбэлэртэн кыттааччылар “Биэс бэһиэлэй кыргыттар” биэс түһүмэхтээх күөн күрэскэ илин-кэлин былдьастылар. Ол курдук, бастакы түһүмэх – үгэс буолбут бэйэни билиһиннэрии, иккис түһүмэххэ үүт түһэрэр сэппэрээтэри бириэмэҕэ хомуйуу, үсүһүнэн минньигэс күөрчэҕи ытыйыы, төрдүһүнэн бэйэ талаанын, дьоҕурун арыйыы, көрдөрүү уонна бэһис түһүмэххэ киэһээҥҥи былааччыйа көрүүтэ буолла. Бэйэни билиһиннэрииттэн саҕалаан, сүрдээх сэргэх күрэх буолла. Бары да талааннарынан, дьоҕурдарынан, сатабылларынан талбыт курдук тэҥ далбар хотуттар. Дьүүллүүр сүбэҕэ Сулҕаччы дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Василий Неустроев, СӨ үтүөлээх фермерэ Дария Капитонова, Сулҕаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката Алевтина Сутакова үлэлээтилэр. Түмүккэ бары кыттааччыларга анал аат уонна өйдөбүнньүк бэлэх туттардылар: ол курдук “Намыына Хотун” — Надежда Данилова (“Аргыс” түөлбэ), “Мичийээнэ Хотун” — Татьяна Никитина (“Хомус” түөлбэ), “Күндүүнэ Хотун” — Айталина Борисова (“Чэчир” түөлбэ), “Кэрэкэ хотун” – Роксана Васильева (“Чолбон” түөлбэ). Оттон “Ытык көлүйэ” кэрэ далбара Ирина Слепцова кыайыылаах тахсан “Кылаан Чыпчаал” анал аатын, сыаналаах бэлэҕин тутта.
Культура киинин иһинэн үлэлиир ансаамбыллар уонна уус-уран самодеятельность кыттыылаахтарын эҕэрдэ нүөмэрдэрэ түһүмэхтэр быыстарын киэргэттэ.
Түмүккэ “Сүөһү-ас ииттин, оттоон-мастаан, үлэттэн чаҕыйыман, саха ыала буолан сандаарыйыҥ. Хаһан баҕарар сүөһүлээх-астаах киһи өлөн-охтон биэрбэт, остуола толору, олоҕо байылыат буолар” – диэн дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит Дария Капитонова, Алевтина Сутакова эдэр дьоҥҥо, кыттааччыларга бэйэлэрин баҕа санааларын тиэртилэр. Алевтина Брониславовна нэһилиэк тэрилтэлэригэр илдьэ кэлбит кэһиитин, бэс сиэмэтин туттарда. Дьон астынан, сэргэхсийэн тарҕастылар.
Елена ПОПОВА.