Анал байыаннай дьайыы опорнай пуунугар волонтердарынан үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт Геннадий Алексеевы, Василий Швердины кытта «Амарах сүрэх» общественнай хамсааһын штабыгар көрсүһүү буолла. Манна Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин, депутаттар Советтарын бэрэссээдэтэллэрэ Владимир Колосов, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова, «Амарах сүрэх» хамсааһын салайааччыта Римма Алексеева, общественниктар Анна Александрова, Аграфена Иванова, Марина Кулева, Анна Слепцова, Ольга Федорова, Парасковья Федорова, Надежда Шараборина кыттыыны ыллылар.
Биир дойдулаахтарбыт быстах уоппускаларыгар дойдуларыгар сынньана, күүс- уох ылына кэлэ сылдьаллар. Кинилэр Украинаҕа буола турар быһыыны — майгыны илэ харахтарынан көрө сылдьар дьон быһыытынан саллааттарга көмө оҥоруутун туһунан элбэҕи кэпсээтилэр. Ол курдук, күн бүгүн сылаас таҥас, байыаннай техника, массыына наадатын эттилэр. Маскировочнай сеткалар улахан туһалаахтарын туһунан эттилэр уонна сетканы өрүү техникатыгар сүбэлэрин биэрдилэр. Кэпсэтиигэ биир дойдулаахпыт Петр Лебедевпыт волонтер быһыытынан ыыта сылдьар үлэтэ бүгүн олус таһаарыылааҕа элбэхтэ ахтылынна.
Бу ахсынньы ый саҥатыгар анал байыаннай дьайыы саллааттарыгар барыахтаах улууспут салалтатыгар сүбэ-ама биэрдилэр, кэпсээтилэр күн бүгүн ордук саллааттарга туох наадатын эттилэр. «Амарах сүрэхтэр» сеткаларын өрүүтүн көрдүлэр бары ыытар үлэлэрин кэрэхсээтилэр, махтаннылар. Ол курдук Римма Васильевна бигэргэтэринэн, от ыйын 22 күнүттэн — 100 кг. илим уонна 700 м. таҥаһынан маскировочнай сетка өрүллэн анал байыаннай дьайыыга ыытыллыбыт. Бу тыыл үлэтэ Кыайыы кэлэригэр сүҥкэн күүс буолара саарбаҕа суох.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин Геннадий Алексеевка уонна Василий Швердинҥэ «Амма киэн туттуута”’ бочуоттаах бэлиэлэри дохсун тыаһын ортотугар туттарда. Ону кытта Амма 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ оҥорбут «Амма боотуругар алгыһынан» сувениры бэлэхтээтэ.
Саллаат төрөппүттэрэ, Анна уонна Дмитрий Слепцовтар дьиэ кэргэттэрэ махтанан туран бэлэхтэрин туттардылар.