Соморсун нэһилиэгин “Дархан” култуура уонна сынньалаҥ киинин саҥа айар-тутар сезонун арыйар үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Култуура үлэһиттэрэ норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумов айымньытынан – “Таптал хампаанньата” испэктээк туруордулар. Нэһилиэк олоҕор бу күн биир солун тэрээһин буолан бар дьону сэргэхситтэ.
“Соморсун талааннаах дьоннорунан аатырар-сураҕырар. Ол курдук, нэһилиэк икки норуот суруйааччыларын өрүү киэн тутта ааттыыр. Ол санааттан, быйыл, “Дархан” култуура уонна сынньалаҥ киинэ саҥа сезонун испэктээгинэн арыйда. Саала иһэ толору көрөөччүнэн туолан, артыыстар санаалара көтөҕүллэн, уобарастарыгар дириҥник киирдилэр, толору арыллыннылар. Бу киэһэ көрөөччүлэр өр күүппүт дьонноро, нэһилиэк аҕам саастаах, талааннаах артыыстара – Василий Николаев, Александр Семенов, Матрена Федорова сыанаҕа ытыс доҕуһуолунан тахсаннар, дьон сүрэҕэр кэрэ кыымы сахтылар. Ону таһынан, саҥа арыйыылар – Петр Семенов, Иван Тимофеев, Анна Лебедева, Ксенофонт Федоров, Ариадна Степанова, Надежда Неустроева бу күн сыанаҕа сүрэхтэниилэрэ буолла, көрөөччү хайҕабылын ыллылар. Онтон, өрүү күүс-көмө буолар, уус-уран самодеятельность актыбыыстара – Наталья Арылахова, Матрена Баянакова, Петр Васильев, Айталина Нестерова, Алексей Устроев, Надежда Максимова – көрөөччү биһирэбилин ылыахтарын ыллыллар, уобарастарын олус табыллан арыйдылар. Испэктээк кэнниттэн дьон-сэргэ махтал сылаас тылларын этэннэр, кыттааччылары, тэрийэр дьону олус үөртүлэр. Саҥа айар-тутар сезон өссө саҥа саҕахтары, ситиһиилэри аҕаллын, кулууп дьиэтигэр ытыс дохсун доҕуһуоллаах көрөөччү үксүү, элбии турдун диэн баҕа санаалаах бу бэлиэ тэрээһиммит ааста”, — диэн култуура дьиэтин уус уран салайааччыта Туйаара Белолюбская сырдатта.
Испэктээх режиссерунан култуура дьиэтин эдэр исписэлииһэ Айаал Белолюбскай үлэлээтэ, онтон сценарийы уус уран салайааччы Туйаара Белолюбская суруйда. Тэрээһин сэргэх буоларыгар, үлэ көдьүүстээх буоларыгар кулууп бары үлэһиттэрэ түмсэн үлэлээтилэр, сезону чаҕылхайдык арыыйга бүүс бүтүннүү кытыннылар.
“Амма олоҕо” хаһыат