Төрөппүт, үөрэппит оҕо махтала — сирдээҕи дьол диэн бу буоллаҕа

Бүгүн Амма Наахара нэһилиэгэр бэлиэ күн. Бастакы Герой ийэ — Мария Лаврентьевна Александрова төрөөбүтэ 100 сыла буолла.

Мария Лаврентьевна 1924 сыллаахха тохсунньу 10 күнүгэр Амма Наахара нэһилиэгин Таҥхачаайы сиригэр аҕыс оҕолоох холхуостаах Наталья, Лаврентий Александровтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Наталья Петровна «Пушкин» холкуоска ыанньыксыттаабыта, аҕата Лаврентий Прокопьевич холкуос бастыҥ сылгыһыта этилэр. 1939-1940 сылларга ийэтэ Наталья Петровна оҕолорун үөрэттэрэ Өнньүөскэ көһөн кэлэн оскуолаҕа остуораһынан үлэлиир. Бу кэмҥэ 15 саастаах эдэркээн Мария пионер баһаатайынан  үлэлээн учуутал идэтигэр уһуйуллан барар.

«Тапталлаах ийэбит Мария Лаврентьевна 1941 — 1944 сылларга Аммаҕа райкомолга үлэлээбит. 1945 — 1946 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитэ бүппүтүн кэннэ Дьокуускай куоракка педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбит. 1946 сыллаахха алын сүһүөх учуутала идэтин баһылаан Абаҕаҕа үлэлээбит. Абаҕаҕа оччолорго тэриллибит детдомҥа оҕолору үөрэппитин өрүү кэпсиир буолара. 1947 сыллаахха Лээгигэ учууталлыы сылдьыбыта. 1948 — 1951 с.с. Амма Наахара оскуолатыгар алын сүһүөх учууталынан ананан үлэлээбитэ. Биир дойдулаахпыт кыраайы үөрэтээччи Дмитрий Николаевич Гаврильев биһиги ийэбитин маҥнайгы учууталым диэн олус күндүтүк ахтара. 1949 сыллаахха аҕабытын — биология, химия, труд учуутала Мартынов Никанор Ивановичтыын көрсөн, сөбүлэһэн, дьоллорун холбоон ыал буолан 22 сыл бииргэ олорон үс кыыс, сэттэ уол оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэрэ. Ийэбит 1965 сыллаахха Герой Ийэ Бочуоттаах аатын сүкпүтэ. 1971 сыллаахха аҕабыт ыарахан ыарыыттан күн сириттэн барбытыгар ийэбит барахсан 47 сааһыгар огдообо хаалбыта. Биһигини 10 оҕону соҕотоҕун үлэлээн, атахпытыгар туруорарга улахан сыратын уурбута. Ийэбит үлэлии бардаҕына улахаттар кыралары көрөн, аһатан, дьиэбитин-уоппутун хомуйан, бэрээдэктээн, уруок ааҕан, таҥас сууйан, сороҕор ас астаан үлэттэн кэлэрин кэтэһэн үөрэ-көтө көрсөрбүт. Бу биһигини эппиэтинэскэ ииппитэ. Кыра эрдэхпититтэн бары үлэҕэ сыстаҕас буола улааппыппыт.  Ийэбит ынах тутан сибиэһэй үүтүнэн, бэйэбит ынахпыт этинэн аһыырбыт, ийэбитигэр барыга көмөлөһөрбүт. Ийэбит кэлин Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон сиэннэрин көрсөн олорбута. Олоҕор көрсүбүт ыарахаттарын кыракый санныгар сүгэн санаатын түһэрбэккэ, ыһыктынан кэбиспэккэ чугас дьонугар, оҕолоругар, сиэннэригэр ырааһы, үтүөнү, сырдыгы ыралыыр буолара. Ис сүрэҕиттэн тахсар сүбэтин — аматын өрүү аргыый аҕайдык сэрэнэн этэрэ, киэҥ — холку майгытын билигин сөҕө саныыбыт. 24 сыл  интернакка иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыта. Үлэҕэ бэриниилээх ийэбит интернакка сүүрбэттэн тахса оҕо аһын, таҥаһын булан — талан, үөрэхтэригэр көмөлөһөн, үөрэтэн — такайан иккис ийэ аатын сүгэн үлэлээбитэ — хамнаабыта.

Ол кэми оччолорго интернатка олорбут оҕолор истиҥник саныыллара, ахталлара, махтаналлара биһиги күндү киһибит үтүө үлэһит киһи буоларын буоларын туоһулуур. Ийэбит олус минньигэс килиэбин, алаадьытын, миинин, күөрчэҕин, суоратын билигин бары ахта саныыбыт. Күн тэҥэ киһибит ийэбит барахсан 69 сааһыгар ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ. Ийэбит сырдык аатын үйэтитэн үлэлээбит оскуолатыгар сыллата бастыҥ үөрэнээччигэ сиэттэрэ, оҕолоро бириэмийэ туттарбыппыт 24 сыл буолла. Ону тэҥэ былырыыҥҥыттан нэһилиэк бастыҥ, элбэх оҕолоох ийэтигэр харчынан бириэмийэ олохтообуппут. Бастакы бириэмийэни былырыын элбэх оҕолоох, бастыҥ общественник Александра Николаевна Устинова ылбытыгар олуһун үөрбүппүт. Ийэбитин ахтабыт, саныыбыт, таптыыбыт, олохпутугар холобур оҥостобут» — диэн ахтар ийэтин улахан оҕото Людмила Ксенофонтова.

Учуутал үтүө аата үйэлэргэ умнуллубат туоһутунан кини ииппит-үөрэппит оҕолорун олохторо, киэн туттуулара, ытыктабыл тылынан ахтыылара буолар. Мария Лаврентьевна төрөппүт оҕолоругар уонна үөрэнээччилэригэр олус болҕомтолооҕо. Кини тула өрүү оҕолор үмүөрүһэллэрэ, олус сөбүлүүллэрэ. Киһи быһыытынан эппит тылыгар турумтуо, олус кыһамньылааҕа, холку майгылааҕа. Төрөппүт оҕолоро оскуола меценаттара, хос сиэннэрэ туйгун үөрэнээччилэр оскуола чиэһин араас таһымнаах күрэхтэргэ элбэхтик көмүскүүллэр. Мария Лаврентьевна, Никанор Иванович Мартыновтар оҕолоро, сиэннэрэ, кийииттэрэ, күтүөттэрэ үөрэх эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр, ыччаты иитиигэ бэйэлэрин кылааттарын бигэтик киллэрэллэр. Элбэх эдэр ыччаты үөрэххэ бэлэмнээбит, олох киэҥ аартыгар  эрэллээхтик туруорбут учууталларбыт Александровтар, Мартыновтар саха норуотугар улахан үтүөлээх учууталлар династиялара буолаллар. Ханнык баҕар киһи учуутала суох бу олоххо олорбот, уруккута суох бүгүҥҥү суох!

Удьуор утума салҕана, үтүө ыччат иитиллэ туруохтунҥ Дьоруой ийэ, учуутал Мария Лаврентьевна  тапталлаах оҕолоругар, сиэттэригэр! Барҕарыы, эбиллии, сөптөөх суолга тайаныы эһигини өрүү арыаллаатын, үрдүктэн үрдүккэ көтүттүн!

Ирина Корякина – Олесова.