Амма улууһугар аан маҥнайгытын ыытыллыбыт «Василий Федоров аатыгар ааҕыылар» научнай-практическай конференция оройуон бары оскуолаларын түмтэ. Сыаналыыр хамыыһыйа биэс секциянан 50 үлэни көрдө, үөрэнээччилэр кэтэхтэн, улахан дьон миэстэтигэр кэлэн кытыннылар.
СӨ үөрэҕириитин, айылҕа харыстабылын туйгуна, философскай наука кандидата, Амма, Соморсун нэһилиэктэрин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, историк учуутал, дэгиттэр салайааччы, эколог, төрөөбүт дойдутун дьиҥ патриота Василий Васильевич Федоров төрөөбүтэ 75 сааһыгар анаммыт маҥнайгы конференция Амма 1 №-дээх оскуолатын уораҕайыгар ыытылынна.
Василий Васильевич бары өттүнэн киэҥ билиилээх, сайдыылаах киһи буоларын кини аатынан конференция ыытыллыбыт хайысхалара даҕаны толору арыйаллар: 1 уонна 2 секция «Время и личность: Федоров В.В. — выдающийся организатор, талантливый, умелый руководитель, новатор», «Инновации в образовании: новые вызовы и возможности», 3 секция «Банк педагогических идей: «Воспитание лидера», 4 секция «Современные векторы развития охраны окружающей среды: проблемы, подходы, перспективы», 5 секция «Нравственно-патриотическое воспитание подрастающего поколения в современном контексте ФГОС». Ол курдук, Василий Васильевич Амма улууһун үөрэҕин тэрилтэлэригэр элбэх саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ: агрооскуола, прогимназия, педгимназия, «Үүнээйис» международнай саха-немецкэй лааҕыр, Амма-Наахара оскуолатын базатыгар хоту улуус оҕолорун сынньатар лааҕыр, натуралистар станциялар курдук саҥа үөрэх тэрилтэлэрэ, психологическай сулууспа баар буолбуттара. Оскуолалар, детсадтар материальнай-техническэй базаларын хаҥатыыга күүстээх үлэ барбыта. Вычислительнай техника уонна информатика отдела үлэлээбитэ, «Амма» ТВ биэриилэрин саҕалаабыта. Бу барыта сатабыллаах салайааччы быһаччы туруорсуутунан, кэпсэтиитинэн ситиһиллибитэ.
Василий Федоров бэйэтэ историк буолан, элбэхтик ааҕара, историяны үөрэтэрэ. Ол курдук кини Амма улууһун историятыгар, Амма өрүс харыстабылыгар элбэх үлэни ыыппыта. Ол түмүгэр «История Амгинского улуса в датах», «Амгинский улус: история, традиции, обычаи», экологияҕа 3 монография: «Экология верхней Амги», «Экология средней Амги», «Экология нижней Амги», «Становление научной мысли в Амге» диэн кинигэлэр күн сирин көрбүттэрэ.
Дириҥ билиилээх, философскай өйдөөх-санаалаах, инникини өтө көрөр, үчүгэй хаһаайыстыбанньык, дьиҥнээх патриот, үрдүк таһымнаах салайааччы аатынан маҥнайгы конференция кыайыылаахтара кимнээх буоллулар? Инники баран эттэххэ, үлэлэр бары даҕаны билиҥҥи кэмҥэ тирээн турар кыһалҕалары, боппуруостары таарыйаллар.
I уонна II секцияҕа: 1 миэстэ Захарова Дария Иннокентьевна, Амматааҕа лиссиэй дириэктэрэ, үлэтин аата «В.В. Федоров — организатор инноваций в образовании Амгинского улуса «, 2 миэстэ Шишигина Иванна Ивановна, Сатаҕай орто оскуолатын дириэктэрэ, үлэтин аата «Оскуолаҕа удьуор үөрэҕэ», 3 миэстэ Иванова Акулина Семеновна, Бөтүҥ орто оскуолатын дириэктэрэ, үлэтин аата «Социально-педагогические основы формирования экологического сознания учащихся в условиях сельской школы».
III секцияҕа 1 миэстэ Мартынов Федор Никанорович, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, үлэтин аата «Издание книги: Взгляд в прошлое и будущее: к 30-летию международной летней саха-немецкой школы «Үүнээйис», 2 миэстэ Адамова Надежда Николаевна, Сатаҕай орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх уонна иитии боппуруостарыгар солбуйааччы, үлэтин аата «Создание условий для профессионального роста педагогов», 3 миэстэ Майскай орто оскуолатын алын кылаас учууталларын методическай холбоһугун учууталлара Илларионова Лариса Ивановна, Николаева Уйгуйана Назаровна, Черкашина Анастасия Александровна, Сергучева Ольга Ивановна, үлэлэрин аата «Формирование лидерских качеств у младших школьников посредством внекласных занятий».
IV секция саамай элбэх кыттааччылааҕын учуоттаан иккилии кыттааччы миэстэлэстилэр — 1 миэстэ Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Захаров Дима, Эмис орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ, Алгыстаан Пестерев, үлэтин аата «Эко справочник для школьников Амгинского улуса», 2 миэстэ Семенова Оксана Николаевна, Бөтүҥ орто оскуолатын биологияҕа учуутала, үлэтин аата «Система организации исследовательской и проектной деятельности по экологии в МБОУ «Бетюнская СОШ им. Н.Е. Иванова», Соморсун орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Давыдова Даайа, үлэтин аата «В.В. Федоров — основатель экологического движения в защиту реки Амга», 3 миэстэ Майскай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Данил Черкашин, үлэтин аата «Исследование термоэрозийных и термокарстовых процессов на полях АО «Амгинский», Амма Наахара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Талбан Мартынов, үлэтин аата «Топонимы Амгино Нахариноского наслега».
V секцияҕа 1миэстэ Кутукова Галина Иннокентьевна, Соморсун орто оскуолатын алын кылаас учуутала, үлэтин аата «Тропа предков», 2 миэстэ Андреева Лия Владимировна, Лукина Ольга Валентиновна, Сатаҕай орто оскуолатын дириэктэрин үөрэх, иитии боппуруостарыгар солбуйааччылар, үлэлэрин аата «Оскуолаҕа удьуор тыынын олохсутуу», 3 миэстэ Доброскокина Елена Валерьевна, Амма 2 №-дээх орто оскуола алын кылаас учуутала, үлэтин аата «Календарно-тематическое планирование к программе внеурочной деятельности «Разговоры о важном». Конференция кыайыылаахтара Василий Васильевич оҕолоруттан сертификаттары туттулар. Маны сэргэ Федоровтар дьиэ кэргэн икки анал бириэмийэлэрин анаатылар — бириэмийэ хаһаайыннарынан Амматааҕы лиссиэй дириэктэрэ Дария Захарова уонна Эмис орто оскуолатын үөрэнээччитэ Дима Захаров буоллулар.
Конференция биир умнуллубат түгэнинэн Федоровтар оскуола түмэлигэр дьиэ кэргэннэрин альбомун кытары аҕалара мөссүөннээх баннеры бэлэхтээбиттэрэ буолла.
«Амма олоҕо» хаһыат.