Анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын кэргэнэ, саллааттарга көмөлөһөр улуустааҕы анал фонда аһыллыаҕыттан тэрийэр үлэҕэ баҕа өттүнэн көмө буолар Туйаара Васильева фонда харчыта тыырыллар хайысхаларыгар көрөн көннөрүүлэри киллэрэр наадатын туһунан санаатын этэр.
Былырыын, балаҕан ыйын бүтүүтэ Украинаҕа байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан анал фонда тэриллэн Амма амарах санаалаах биирдиилээн дьонуттан, тэрилтэлэр үлэһиттэриттэн көмө харчы киирэ турар. Бу харчы Амматтан Ийэ дойду көмүскэлигэр сылдьар уолаттарга кинилэр көрдөһүүлэринэн туттар маллары атыылаһыыга, айаннарын ороскуотун толуйууга, бааһырбыт саллааттар реабилитацияларыгар, байыастар дьиэ кэргэттэрин кыһалҕаларын быһаарыыга туттуллар. Тыа сирин дьонун кыһалҕалара ханна барыай, баар бөҕө буоллаҕа. Ол иһин бу иннинэ фонданы салайбыт Софья Александрова уонна бу дьыл алтынньы 25 күнүттэн саҥа анаммыт Владимир Колосов, улуус баһылыга Степан Кузьмин ааттарыгар сайабылыанньалар быыстала суох киирэллэр. Сүрүннээн байыастар дьиэ кэргэттэрин дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах кыһалҕалары быһаарарга көмө көрдөөһүн – өрөмүөн, уот тардыыта, итиэннэ саллааттар уоппускаҕа барар-кэлэр айаннарын ороскуотун төннөрүү. Оттон фонда харчыта маны барытын толуйар кыаҕа суох. Холобура, алтынньы 9 күнүнээҕи туругунан фондаҕа 1 857 774,90 солк. киирдэ. Фонда харчытын хайдах тыырдахха ордук туһалаах, көмөлөөх буолуо этэй диэн хамыыһыйа чилиэннэрэ ааспыт мунньахха тобула сатаан төбөлөрүн сынньа сатаатылар.
-Кэргэним мобилизацияланан былырыыҥҥыттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар буолан кинилэр кыһалҕаларын иһиттэн билэбин диэхпин сөп. Төһө даҕаны Дойду оборонатын министиэристибэтиттэн тиэхиньикэ кэлэрин үрдүнэн, наадалаах кээмэйин толорбот. Оттон уолаттарбытыгар аныгы туттар сэп-сэбиргэл олус наада: квадрокоптердар, түүҥҥү прицеллар, дронтан көмүскэнэр сэбиргэллэр. Аны Украина сирэ-дойдута олус сииктээх, силбиктээх. Онно сөп түбэһэр уларыттар таҥас, атах таҥасатар наада. Ону уолаттартан бэйэлэриттэн киирэр көрдөһүү суруктар даҕаны туоһулууллар. Уонна, туох кистэлэ кэлиэй, хорсуннук охтубут саллааттарбытын „кистииргэ“, Ийэ буордарын булларарга эмиэ кырата суох үп наада. Манна барытыгар соҕотох биир фондалаахпыт, ол харчыта баҕабыт хоту барыларыгар көмөлөһөрбүтүгэр хайдах даҕаны тиийбэт.
Ол иһин биир бэйэм санаабар, балаһыанньаҕа уларыйыылары киллэрэммит нэһилиэнньэ көмө харчытын чуолаан антах, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар туттар малларын атыылаһан ыытарга туһаайыах баара. Оттон дьиэ кэргэттэригэр көмөнү манна бэйэбит субуотунньуктар күүстэринэн кыайыахпыт этэ,- диэн хамыыһыйа сэкирэтээрэ Туйаара Васильевна Васильева санаатын үллэстэр.
Хамыыһыйа чилиэннэрэ бу этиини үөрэтэн, ырыҥалатан көрөн баран уопсай куоластааһыҥҥа киллэриэххэ наада диэн биир санааҕа кэллилэр.
„Амма олоҕо“ хаһыат.