Тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа үлэлэһэр кырачаан эколог

Бу күннэргэ Амма 1№-дээх орто оскуолатын 5 “в” кылааһын үөрэнээччитэ Айдын Новиков Бүтүн Арассыыйатааҕы  судаарыстыбаннай научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттан иккис миэстэ буолан дипломунан наҕараадаланна, бэртээхэй бэлэҕи тутта. Айдын кыра сааһыттан тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, кинини үөрэтиини интэриэһиргээбитэ уонна ол интэриэһин научнай үлэҕэ көһөрөн үлэлэһэ сылдьар.


Кырачаан эколог Айдын Новиков кэмпириэнсийэҕэ “Снег-индикатор загрязнения окружающей среды Амгинского улуса”  диэн үлэтинэн кытынна. Айдын билиитин кэҥэтэн   эбии  эдэр натуралистар станцияларыгар экология куруһуогар дьарыктанар. Манна салайааччытынан станция методиһа Галина Никифорова буолар.

“Мин улааттахпына экологияны үөрэтэр, харыстыыр бизнесмен эбэтэр пожарник буолуохпун баҕарабын. Айылҕаҕа сылдьарбын, оту-маһы үөрэтэрбин уонна бэлэсипиэттиирбин сөбүлүүбүн. Хочуолунайдар буруолара, онтон тохтор күл хаарга түһэн, хаар хайдах киртийэрин салгыы чинчийэр былааннаахпын. Чоҕунан оттуллар хочуолунайдар тулалыыр эйгэҕэ буортулаахтарынан, кинилэри Аммаҕа гаас  кэллэҕинэ гааска көһөрүөххэ,  ону сэргэ массыыналар бэйэлэрин таһаарар буруолара эмиэ буортулааҕынан атын аккумуляторынан барарга көһөрүү барыан наада. Эбэтэр дьон нэһилиэк иһигэр бэлэсипиэтинэн айанныахтарын наада. Ону таһынан  элбэх мас олордуохтаахпыт”, — диэн Айдын бэрт дьоһуннаахтык кэпсиир.

Бастыҥ үөрэнээччи ситиһиитэ да элбэх. Кини 2-с кылаастан ыла айылҕаны харыстааһыҥҥа ылсан чинчийэр үлэтинэн элбэх күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбыта. Бу соторутааҕыта муус устарга “Лестница Наук” диэн  үөрэнээччилэр  научнай -практическай уонна чинчийэр үлэлэрин XIII Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэҕэр баран кыттан кэлбитэ уонна онно 1-кы степеннээх диплом ылбыта. Ону сэргэ “Открой себе ученого” диэн XI  Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-инновационнай үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэригэр 2-с миэстэни ылла.  Айдын ити курдук улуус да, өрөспүүбүлүкэ да таһымнаах күрэхтэргэ, кэмпириэнсийэлэргэ кыттан куруутун ситиһиилэнэр. Аҥардас Арассыыйа таһымнаах күрэхтэргэ кыттан түөрт төгүл дипломан уонна лауреат буолан турар.

“Күрэххэ кыттар олус туһалаах. Элбэх билиини биэрэр, элбэх оҕолору кытта билсэбин. Салайааччыбын Галина Александрованы кытта өссө салгыы бу саҕалаабыт үлэбитин кэҥэтэн үөрэтиэхпит. Тулалыыр эйгэбит салгына ыраас буоллаҕына, дьон доруобуйата да үчүгэй буолуо этэ. Мин Аммам кэрэ айылҕатын олус таптыыбын”, — диэн этэр кэрэни кэрэхсиир Айдын Новиков.

Кырачаан экологы кыайыытынан истиҥник эҕэрдэлиибит уонна инникитин чинчийэр үлэтин бырахпакка, инники идэ оҥостон дойдутугар туһалаах дьон буолан тахсарыгар баҕарабын.

 

“Амма олоҕо” хаһыат

 

Читайте дальше