Тутааччылар уонна олохтоохтор истиҥ сыһыаннара үтүө түмүктээх

Ытык Абаҕа нэһилиэгэр оскуола-саад тутуллан быйыл үлэҕэ киириэхтээх. Олохтоохтор  бу икки сыл устата тутааччылары кытта истиҥ сыһыаны олохтоотулар. Арассыыйа тутааччыларын күнүн көрсө «Буор Хайа» сынньалаҥ киинигэр кинилэргэ анаан  сэргэх тэрээһин ыытылынна.

Абаҕа нэһилиэгин оскуола-саадын тута сылдьар, Василий Иннокентьевич Пинигин салайааччылаах ООО «Электромонтаж» тэрилтэ үлэһиттэрэ биир дойдулаахпыт Алексей Алексеевич Гоголев тэрийэр, «Буор Хайа» сынньалаҥ киинигэр иккис сылларын тутааччылар күннэрин бэлиэтээтилэр. Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар, олус күүтүүлээх уонна кэтэһиилээх, барыбытын долгутар улахан  тутуубутун ыыта сылдьар тэрилтэ салайааччыта уонна тутуу  үлэһиттэрэ куруук күүс-көмө өйөбүл буолар олохтоохторго, барҕа махталларын биллэрдилэр. Василий Иннокентьевич Абаҕа олохтоохторуҥ күүһүнэн хоточчу тардыллыбыт сандалыга олорон, “улахан тутуулары ыыппыппыт тухары, эһиги курдук биһиги ханна да көрсө иликтэр” диэн долгуйан туран билиннэ. Абаҕа нэһилиэгин баһылыгын түбүгүн толорооччу Степанида Гоголева уонна оскуола иитэр үлэтин иилээччитэ Максим  Белолюбскай эҕэрдэлэрин уонна баҕа санааларыҥ истэн баран, оскуолабытын тута сылдьар ыалдьыттарбыт уонна бэйэбит уолаттарбыт, кэлэр кэскилбит түстэнэр үйэлээх тутуутун, оҕолор тустарыгар бэйэбит дьиэбит курдук, ис сүрэхпититтэн оҥоруохпут диэн бигэ тылларыҥ биэрдилэр. Тэрээһин кэмигэр саха дьонун үгэһинэн, эти-хааны чэбдигирдэр көхтөөх күрэхтэр ыытылыннылар. Ол курдук үс түһүмэхтээх ким күүстээҕин быһаарар күрэххэ 13 киһи кыттан бэйэтин холонно. Манна  бастакы  миэстэни Александр Дьячковскай, иккис миэстэни  Павел Кириллин уонна үһүс миэстэни ыалдьыппыт Сорбон Холов (Таджикистан) ыллылар. Мас тардыһыытыгар 8 киһи кыттыбытыттан, бастакы  миэстэҕэ  Сорбон Холов, иккискэ  Инуар Азимов (Таджикистан),  үһүскэ бэйэбит уолбут Павел Кириллин таҕыстылар. Дьэ онтон 25 киилэлээх шлакоблогу ыраахха быраҕыыга 10 киһи кииристэ. Манна саамай ыраах быраҕан  бастакы  миэстэни Александр Дьячковскай ылла. Кини кэнниттэн иккис  миэстэни Сорбон Холов ылла, үсүһү Ахлидин Курбанов (Таджикистан) ыланнар бириистээх миэстэлэри ситистилэр. Быһыйы быһаарар 100 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ 12 киһи сурутта.  Саамай сүүрүгүнэн  киһинэн  Павел Кириллин буолла. Иккиһи ыалдьыппыт Фируз Шамсудинов (Таджикистан),  үсүһү  Александр Дьячковскай ыллылар. Хамаанда кыаҕын көрдөрөр  канат тардыһыытыгар биэстии киһилээх 4 хамаанда кыттыбытыттан,  “Электромонтаж”  хамаандата чемпионнаата, Ол кэнниттэн  күннээх Таджикистан бастакы хамаандата таҕыста, онтон үһүс бириистээх миэстэни олохтоох Абаҕа хамаандата ылла. Көрсүһүү кэмигэр Василий Пинигин, “дьиэлэриттэн-уоттарыттан тэйэн «эт киһи элэйэр, сыа киһи сылайар»,  түбүктээх үлэҕэ сылдьар дьоҥҥо, дойду ахтылҕанын таһаарар, олохтоох дьон үтүө үгэстэриҥ көрдөрөр маннык тэрээһиннэр, үлэни-хамнаһы тупсарарга олус туһалаахтар” диэн этиитэ, кини сахалыы толкуйдаах мындыр киһи, сатабыллаах салайааччы буоларын көрдөрдө. Түмүккэ олохтоох дьаһалта аатыттан, ас-үөл астаан аҕалбыт күндү биир дойдулаахтарбытыгар, тутууга үлэлии-сылдьар бэйэбит уолаттарбытыгар барҕа махталбытын биллэрэбит уонна үтүөнү-кэрэни үксэтэр, сырдыгы-ырааһы саҕар үрдүк аналгыт үүнэн-сайдан истин диэн алгыспытыҥ аныыбыт.

Бойуот уола Айылгын

Читайте дальше