Тутуу салаатыгар элбэх ыйытыы, туруорсуу киирдэ

СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх Амма улууһугар үлэтин биир хайысхатынан нэһилиэнньэни кытта тус көрсүһүү буолла. Сергей Васильевичка уонна тустаах миинстиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэригэр 12 киһи суруйтаран кыһалҕаларын этиннилэр, ону туоратар суоллары ыйыталастылар.

Тус көрсүһүүгэ сүрүннээн тэрилтэ салайааччылара киирэннэр тэрилтэлэригэр саҥа тутуулары, өрөмүөнү туруорустулар. Биирдиилээн дьон сүрүннээн киин ититэр ситимҥэ холбонуу, кэтэх хаһаайыстыба кыһалҕаларынан киирдилэр.

Төһө даҕаны нэһилиэктэринэн отчуоттар кэмнэригэр тирээн турар боппуруостарбытын ыйыталастарбыт, туруорустарбыт даҕаны, маннык биир бииргэ утары көрсөн олорон кэпсэтэр быдан түмүктээх буолааччы, аһаҕас кэпсэтии тахсааччы. Ол иһин түгэни мүлчү туппакка тус приемнарга киирэн нэһилиэгим кыһалҕаларын хайаан да туруорсабын. Иҥэн-тоҥон сүбэ ылар, инники хардыылары былаанныыр үчүгэй бөҕө буоллаҕа,- диэн Чапчылҕан баһылыга Дьулустан Юшков санаатын этэр.

“Амма олоҕо” хаһыат.

Читайте дальше