Амма улууһун ыччат уонна социальнай бэлиитикэ управлениетын исписэлииһэ Туяра Васильева Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха Анал Туһаайыытыгар ыччакка сыһыаннаах дьоһун этиилэри оҥорбутун сэргии иһиттэ.
«Мин Анал Туһаайыыны эрдэттэн күүтэн иһиттим уонна олус астынным. Ордук чуолаан Дойдубут Бэрэсидьиэнэ үүнэр көлүөнэҕэ анаан туһаайбыт этиилэрин сэргээн, болҕойон иһиттим.
Саҥа «Молодежь России» национальнай бырайыагы биллэрбитин истэн үөрдүм. Бу эдэр ыччат сайдарыгар, саҥа араас идеяларын олоххо киллэрэллэригэр улахан күүс-көмө уонна уопут буолуо.Ону таһынан буола турар анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уолаттарбытыгар эбии көмөлөр эбиллибиттэриттэн олус астынным. Маны сэргэ эмиэ саҥа «Семья» диэн национальнай бырайыак баар буолара дьиэ кэргэн, уопсастыба туллар тутааҕа туруктаах буоларыгар тирэх буолуо», — диэн Туяра Васильева этэр.
«Амма олоҕо» хаһыат