“Тыала суохха мас хамсаабат…”

Бүгүн улуус дьаһалтатыгар улахан суолталаах экология сэбиэтин мунньаҕа буолла. Кэпсэтии Чыамайыкыга алмаас хостонор диэн сурах тула, бырамыысаланнас Амма өрүскэ дьайыытыгар туһуланна.

Саҥа дьыл иннинэ “бассаап” ситимигэр Мэҥэ Хаҥалас Чыамайыкытыгар алымаас хостоору сылдьаллар диэн сурах тарҕаммыта. Буолаары буолан, Мирнэйдээҕэр быдан элбэх алымаас хаһааһа баарын сабаҕалыыллар. Алымаас хостонуохтаах сириттэн Амма өрүскэ түһэр Таҥха үрэҕэ бу сытар, чуп-чугас. Онон, экология сэбиэтин чилиэттэрэ кэмигэр кэлэн “бабат” диэбэт курдук эрдэттэн бэлэмнэнэн, илин эҥэр улуустарын барыларын түмэр экология сэбиэтин тэрийэ охсорго ыҥырдылар. Ол сэбиэт сир баайын хостуур тэрилтэ үлэтин хара маҥнайгыттан кыраҕатык кэтиир, хонтуруоллуур курдук дьаһанарыгар сүбэлээтилэр. Амматааҕы айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччы Евгений Егоров Экология сэбиэтин иһинэн “экологический стандарт” ылынан баран, ону алымааһы хостуохтаах тэрилтэттэн кытаанахтык ирдииргэ тыл көтөхтө.

Аны туран, уопсастыбанньык экологтар Афанасий Алексеев уонна Иван Руфов курдук биллэр-көстөр дьону кытары Амма баһыгар мас кэрдиитин чуҥнуур сырыыларга сылдьыспыт Степан Сутаков “бассаап” сураҕын сымыйарҕыыр сыыһа, “тыала суохха мас хамсаабат” диэн туран эрдэ-сылла хамсанарга ыҥырда: “Амма Лээгититтэн Томпоҕо диэри өрүс үрдүгэр олорор 19 нэһилиэк баар. Балар бары тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаналлар. Эбэбит саас аайы халааннаан уутун таһааран хочолорун сайҕыыр. Алымааһы сууйбут ууларын Аммаҕа куттахтарына охсуута улахан буолуоҕун өйдүөх тустаахпыт. Алдан өрүскэ көмүһү сууйбут ууларын кутан үстэ киртитэн тураллар. Олохтоохтор өрүс уутун испэт буолбуттара үһүс сыллара. Бүлүү өрүһү эмиэ оннук буортулаатылар. Улахан бырамыысаланнас эбийиэктэригэр Москубаттан көҥүл ыллаххына эрэ киллэрэллэр. Ол дөкүмүөнү 4-5 ыйа суох биэрбэттэр. Онон, илин эҥэрдээҕи экология сэбиэтэ тэриллэн, ол эбийиэктэргэ, муҥ саатар кыбаарталга биирдэ, киирэн бэрэбиэркэлиирин ситиһэ сатыахтаахпыт”.
Улуус баһылыга Степан Кузьмин Чыамайыкы алымааһын тула Ил Түмэҥҥэ экология сис кэмитиэтэ кыттыылаах мунньаҕар сылдьыбытын эттэ: “Чыамайыкыга 2027 сылга диэри чинчийэр-үөрэтэр үлэ барыахтаах. Бырамыысаланнас син биир сайдар. Ону ол айылҕаҕа хоромуньуну таһаарбакка, дьон доруобуйатыгар охсуута суох буоларын ситиһэр курдук үлэлиэхтээхпит. Кулун тутар ыйга Аммаҕа айылҕа харыстабылын, бырамыысаланнас министиэристибэлэрэ, Алдан, Өлүөхүмэ уонна илин эҥэр улуустара кыттыылаах улахан мунньах буолуохтаах”.
Инньэ гынан, түмүккэ Чыамайыкыга алымаас булан хостоору соруммут буоллахтарына тохтотор хайдах да табыллыа суоҕа, арай, айылҕаны хайдах гынан көмүскүүр туһунан толкуйдаан үлэлиэхтээхпит диэн санааҕа экология чилиэттэрэ кэллилэр.

Олег Егоров.