Амма нэһилиэгин түөлбэлэрин икки ардыгар бильярд күрэҕэ ыытыллан “Тэтим” түөлбэбит ситиһиилээхтик кытынна. Ол курдук үһүс бириистээх миэстэни ыллыбыт. Кимнээх көмүскээтилэр?
Түөлбэ хамаандатыгар олохтоохтор Михаил Ильич Неустроев, Евсей Петрович Никифоров, Ньургуяна Ньургустановна Строева киирэн ситиһиилээхтик оонньоотулар. Бильярд спорда киһиттэн кыраҕы хараҕы, толкуйу, сөптөөх быһаарыныыны, илии, атах, сис күүһүн ирдиир. Манна утарылаһааччыны кыайар-хотор гына бильярд мээчигин сөпкө табан охсуу, кыҥааһын улахан суолталаах. Команданан күрэх буолан хас биирдии кыттааччы биир санаанан, сүбэлэһэн, түмсэн бэлэмнэн киирсиилэрин ирдиир. Биһиги дьоммут хас да күн инниттэн бэлэмнэнэн, оонньуу албастарыгар үөрэнэн, кыайыы иһин киирсэргэ туруммуттара. Ньургуяна быйыл бу саҥа бильярдка холонуута буолар. Онтон Михаил Ильич опыттаах оонньооччу буолан хамаанда хапытаана буолла.
“Тутууга үлэлии сылдьан бильярдка оонньоон саҕалаабытым, онно кыра остуол баара. Кэнники кулуупка эмиэ кыра остуолга оонньуур этибит. Онтон бу Аммаҕа «Фаворит» кулууп аһыллан онно оонньуубут. Бильярдка оонньуурга «стойка, мост, удар» дьарыктыахха наада. Билиҥҥи оҕолор 12 — 14 саастарыттан оонньуохтарын сөп буолуо дии саныыбын. Элбэх күрэх тэриллиэн наада. Түөлбэбит олохтооҕо Ньургуяна Строева саҥа оонньооччу буолар. Үс эрэ күн дьарыктанна, ол да буоллар сүрдээҕин оонньоото. Бу оонньууга харах үчүгэй буолуон наада уонна сөптөөхтүк табан охсуу элбэҕи быһаарар. Ол курдук түөлбэ бу сылга бастакы күрэҕэ, бэрт тыҥааһыннаахтык, сэргэхтик ааста. Хамаандабыт эһиил өссө күүстээхтик кыттан инники күөҥҥэ тахсыаҕа диэн эрэнэбит”, — диэн Михаил Ильич санаатын үллэһиннэ.
Феврония ДАНИЛОВА