Н.Е. Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатыгар Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах төрөппүт оҕотунаан күрэҕэ бэрт интэриэһинэйдик буолан ааста. Күрэҕи оскуола социальнай педагога Екатерина Нестерева көҕүлээн, төрөппүт кэмитиэтин чилиэннэрэ уонна оҕо тэрилтэтин салайааччыта Вилена Мартынова иилээн-саҕалаан, сүбэлэрин холбоон тэрийдилэр.
Күрэх бэрт сэргэхтик ааста. Барыта тоҕус ийэ оҕотун кытта 4 тохтобулунан кэрийэн күрэхтэстилэр. Бастакы тохтобул викторина күрэһи олохтоох бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Лилия Семенова бэлэмнээтэ уонна ыытта. Иккис тохтобулга “Оҕо саҥатынан” биэриини оскуола бибилэтиэкэрэ Василина Борисова устан ыытта. Үһүс тохтобулга караокенан ырыа түһүлгэтин муусука учуутала Любовь Лобанова тэрийдэ. Төрдүс саамай тыҥааһыннаах спортивнай күрэҕи физкультура учуутала Күннэй Чирикова ыытта.
Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр Бөтүҥ нэһилиэгин дьаһалтатын социальнай боппуруоска исписэлииһэ Тамара Давыдова, Бөтүҥ нэһилиэгин дьахталларын түмсүүтүн салайааччыта Татьяна Сутакова, «Мичээр» оҕону сайыннарар киин физкультураҕа инструктора, оскуола төрөппүттэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Марфа Неустроева. Түмүккэ, алын сүһүөххэ «Киэҥ көрүүлээх дьиэ кэргэн» аатын 1-гы кылаастан Шишлянникова Мавра Константиновна уолунаан Айаанныын, «Кэскиллээх дьиэ кэргэн» аатын 2-с кылаастан Андреева Алена Александровна уолунаан Аристоннуун, «Айар куттаах дьиэ кэргэн» аатын 4 “а” кылаастаан Чабыкина Саргылана Афанасьевна кыыһынаан Виолалыын, «Ырыа аргыстаах дьиэ кэргэн» аатын 4 “б” кылаастан Осипова Ньургуйаана Николаевна уолунаан Ньургуннуун буоллулар. «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын алын сүһүөххэ 3-с кылаастан Егорова Жанна Ивановна кыыһынаан Ньургуяналыын ыллылар. Орто уонна улахан сүһүөххэ: «Дэгиттэр дьиэ кэргэн» — 5-с кылаастан Никитина Анжелика Романовна кыыһынаан Алиналыын, «Эйэлээх дьиэ кэргэн» — 6-с кылаастан Давыдова Елена Сергеевна кыыһынаан Күннэйдиин, «Билии биһигэ дьиэ кэргэн» — 10 –с кылаастан Нестерева Анастасия Ильинична кыыһынаан Евдокиялыын буоллулар. Онтон «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын 7-с кылаастан Борисова Сахаяна Августовна кыыһынаан Айсеналыын ыллылар.
Маны сэргэ “Мин дьиэ кэргэним” уруһуй, “Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах” төрүччү быстапката киэн сэҥээриини ылла. Арассааданан оҕуруот аһа, сибэкки арааһа атыыланна.
Иванова Нарыйа, Яковлева Сайнаара, Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 7-с кылааһын үөрэнээччилэрэ