Республикаҕа соҕотох Амма ыҥырыа иитээччилэрин Ассоциациятын көрсүһүүтэ тэрилиннэ. Сыл түмүгүнэн киэҥ хабааннаах кэпсэтии, уопут атастаһыыта, инники былааннары ылыныы, үөрэммит курсаннарга үөрэҕи бүтэрбиттэрин туоһулуур сибидиэтэлистибэлэри туттарыы буолла. Ону тэҥэ Дьокуускайтан урбаанньыт, Ассоциация наставнига, үрдүк үөрэхтээх биолог, 12 сыл ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанар Марат Рафаилович Залялов кыттыыны ылла.
Ассоциация салайааччыта Эльвира Васильевна Пестерева сыллааҕы үлэни кэпсээтэ. Сыл аайы мүөт ылыыта улаатарын, ыҥырыа иитээччи элбиирин, улуус хас биирдии нэһилиэгэ хабыллан барыта 23 дьарыктанар дьон баар буолбуттарын, пасекалар ветеринария көҥүлүн ылан пааспардаммыттарын, тигээйи иитээччилэр хаһаайыстыба көрүҥүттэн тутулуга суох сылга биирдэ “ 1мед” отчуот оҥордохторуна эрэ Россия реестрыгар киирэрин, инникитин үөрэхтээх дьон дьарыгырыахтаахтара ирдэнэрин билиһиннэрдэ. Бу сылга 124 уйаттан 2389 киилэ мүөт, 13 киилэ буоска ылыллыбытын, Саха сирин ыҥырыа иитээччилэрин маҥнайгы мунньаҕар кыттыбыттарын, “Мин биисинэһим” нөҥүө Башкирияҕа айан 5 киһиэхэ төлөммүтүн, пасекаларын нэдиэлэ кэритэн учуонайдары кытта үлэлэһэр лабораторияларын, апидомиктарын көрдөрбүттэрин, Россия үрдүнэн 5 эрэ географическай сибидиэтэлистибэ мүөккэ бэриллибититтэн 2-тэ Башкирияҕа , 2-Алтайга, 1-Перьмҥа баарын, инникитин Амма мүөтүн онно киллэрэр былаан баарын сырдатта, Марат Залялов оҥорор көмөтүн махтана бэлиэтээтэ.
Салгыы ассоциацияны кытта ыкса сибээстээхтик үлэлии олорор Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун Аммаҕа үлэһит кадры бэлэмниир киин исписэлииһэ Марфа Дмитриева иһитиннэрии оҥордо. Ааспыт сылларга техникумҥа курс ааспыт тигээйи иитээччилэр Виктор Петров, Эльвира Пестерева, Саргылана Рожина, Серафима Стручкова, Наталья Гаврильева, Арчылаан Иванов, Василий Данилов, Денис Бессонов таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Оттон Зинаида Гаврильева, Афанасий Бубякин, Туяра Устинова, Любовь Потапова, Светлана Ксенофонтова, Татьяна Сутакова, Терентий Сутаков, Игорь Иванов, Лариса Никифорова быйыл курс ааһаннар сибидиэтэлистибэлэри туттулар. Маны сэргэ Бөтүҥ, Эмис, көмөлтө оскуолаларын үөрэнээччилэрэ «Мин бастакы идэм» бырайыагынан босхо курска үөрэнэн «Пчеловод» идэтин ылбыттарын туоһулуур докумуоннарын ыллылар.
Кэлэр үөрэх сылыгар көмөлтө оскуолатыттан өссө 8 оҕо үөрэнэр баҕалаахтарын биллэрэн испииһэккэ суруйтардылар. Бу үөрэхпитигэр оскуоланы кытта үлэҕэ Марат Залялов, Эльвира Пестерева, Саргылана Рожина күүс-көмө буолаллар. Оҕолор ордук практическай үөрэҕи астыналлар, ол курдук Саргылана Афанасьевнаны кытта эрдэттэн кэпсэтии баар буолан Владивостоктан, Хабаровскайынан баран уопуттаах иитээччилэри кытта көрсөн, тигээйилэри прицепка тиэйэн, уонча тигээйи көстүүмүн ылан кэлбитэ. Ол кэлээт бэртээхэй сайыҥҥы практиканы көрдөрөн кэпсии кэпсии ыыппыта, оҕолор көстүүм кэтэн уйалары оҥорор, пасекаҕа көһөрөр үлэни кытта билсибиттэрэ, ис сүрэхтэриттэн интэриэһиргээбиттэрэ диэн Марфа Егоровна үөрэ-көтө бэлиэтиир.
Ыҥырыаны иитиэн баҕалаах дьиэ кэргэн элбииллэр, ол курдук Амматтан Марфа, Семен Дмитриевтэр, Бөтүҥтэн Татьяна, Терентий Сутаковтар, социальнай контракт ылан Изабелла, Игорь Ивановтар иккис сылларын дьарыгырдылар, кинилэр уоллара Арчылаан билигин устудьуон, оскуола оҕолоруттан бастакынан 11-с кылааска сылдьан үөрэнэн дьарыктаммытын, билигин төрөппүттэрэ салгыыллар.
Салгыы, бу сылларга ыҥырыаны аҕалан улууска түҥэтэн эрэ кэбиспэккэ, барыларын үөрэтэн, пасекаларыгар сылдьан хайдах тугу гыналларын көрдөрөн, өр сыллаах уопутуттан бэрсэр Марат Рафаилович бэйэни бэйэ сайыннарара хайҕаллааҕын, саҕалыырыгар 80 дьиэ кэргэнтэн саҕалаабыта билии тиийбэккэ барыта өлбүттэрин, ол иһин ыксаабакка 1-2 улейтан саҕалыыр ордугун кэпсээтэ. Ростов уобалаһыгар 2 эрэ ый кыһын, үлэлэрин олунньу ыйтан саҕалыыллар, кинилэргэ клещ, ыарыы элбэх, сайын устата хаста да мүөт хачайдыыллар, биһиэхэ биирдэ эрэ, ол иһин кылгас сайыҥҥа сыыһа үлэлииртэн аҕыйах мүөтү ылбат инниттэн элбэҕи билиэхтээхпитин тоһоҕолоон эттэ. Биир алҕаһы сыл аайы оҥорбот инниттэн кыбыстыбакка билбэти ыйытыахха наадатын, тигээйи биологиятын, Саха сиригэр Ива 20 көрүҥэ үүнэрин, утуу-субуу сибэккилииллэрин, пасекаҕа туох, хаһан ситэрин билэн контрольнай туочукалары графикаҕа уруһуйдаан туһанары, түргэнник атахха турарга уопуттаах наставник көрдөрөрө ордугун, 5 сылынан үчүгэйдик дьарыктаннахха үчүгэй ситиһиигэ тиийиэххэ сөбүн, социальнай контрагынан 500 тыһыынча солк. ылан саҕалыахха сөбүн сүбэлээтэ. Ыам ыйыттан 1,5 ый күүскэ үлэлээн сезон устата ыҥырыалары 7-8-та көрүөххэ сөп, элбэхтик көрөр, уйгуурдар наадата суох диэтэ. Ийэ тигээйи сайын күҥҥэ 2000 сымыыты таһаарар. Тигээйи сайын 45 күн олорор, икки көлүөнэ оҕотун иитэн таһаараары күүскэ үлэлиир.
Марат Рафаилович 20 туонна мүөтү хачайдаан өрөспүүбүлүкэни хааччыйарга Ил Дархаммыт Айсен Николаев сорук туруорбута, ол былаан туолла диир. Сыал туруоран 20-лии ыҥырыалаах 40 иитээччини иитэн, ортотунан 25 киилэни ыллахха аҥардас Аммаҕа ити былаан толуон сөбүн, үлэлиэххэ, үөрэниэххэ эрэ наадатын эттэ. Бииргэ үлэ түмүгүнэн Амма мүөтэ билигин бренд буолла, инньэ гынан Саҥа дьылга тиийбэккэ бүтэр, онон өссө күүскэ үлэлиэхпитин наада диэн саҥа соруктары туруорда.
Сакааһынан ыҥырыа, инвентарь удамыр сыанаҕа аҕаларын, инникитин селекционнай ийэ тигээйигэ үлэлэһэ сылдьарын кэпсээтэ. Аммаҕа эһигини кытта үлэлииргэ наһаа үчүгэй диэн бэлиэтээтэ, маннык түмсүү республикаҕа буолуохтааҕар Уһук Илиҥҥэ да суох, бары биирдиилээн үлэлииллэр, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү күүскэ барыахтаах, билиибин, билэрбин барытын тиэрдэр баҕалаахпын, оччоҕо сайдан, кэҥээн иһиэхпит диэн баҕа санаатын эттэ. Ол баҕа санаа эрэ буолбакка, 2020 сылтан олоххо бигэтик киллэрэн үлэлэһэ сылдьарын биһиги көрө-истэ сылдьабыт. Эльвира Пестерева, Саргылана Рожина наставниктарын үөрэҕин ылынан, уопуттарыттан харыстаабакка бэрсэр үтүө бачыымы үөрэ-көтө тутуһаллар, онно тирэҕирэн бу салаа сайдар. Онон, ыҥырыа иитиэн баҕалаахтар ассоциацияҕа киирэн көмө-сүбэ ылыаххытын сеп. Бу үлэ эргимтэтин тутан олорор, тэҥҥэ ылсыһар, агитациялаан биир биир киллэртээн иһэр киһинэн Марфа Егоровна буолар. Онон ассоциация үлэтэ бары өттүттэн түмсүүлээх буолан, Амманы республикаҕа инники таһаарар, үлэ көдьүүһүн үрдүгэ, Марат Рафаилович бэлиэтээбитин курдук, Амма мүөтэ бренд буолбутуттан да көстөр.
Лариса НИКИФОРОВА.