Эмис нэһилиэгэр олохтоохтор түргэнник ситэр салааны сэҥээрэллэр. Чахчы да түргэнник ситэн, аһылык биэрэрэ, дохуот да оҥостуутугар олох табыгастаах диэн этэллэр. Аҕыс оҕолоох Тимофеевтар дьиэ кэргэн кэнники сылларга куһу-хааһы утумнаахтык иитэллэр.. Өссө эбии урут харахтаан көрбөтөх индюк, цецарка курдук көтөрдөр эбилиннилэр. Хаһаайка Матрена Николаевна бу көтөрдөр тустарынан элбэҕи ааҕан, ыйыталаһан иитэр буолан, туруктара бэрт үчүгэйдэр. Бу күннэргэ кинилэргэ сылдьан бэрт ыксалынан да буоллар хаһаайыстыбаларын көрөн, билсэн аастыбыт.
“Индюктар ити көрдөххө кутталлаах курдуктар да, бэрт боростуойдар. Биллэн туран хаһаайкаларыттан көҥүүллэр. Куттаары гыннахтарына төбөлөрө күөх дьүһүннэнэр. Астарыгар талымаһа суохтар. Барытын сииллэр. Эттэрэ буоллаҕына туох да аһары минньигэс, иҥэмтиэлээх. Оҕолорум амсайан баран, “кууруссатааҕар быдан ордук эбит” диэн чахчы итэҕэйдилэр. Күһүн идэһэҕэ 25 кг тиийэ улаатыахтарын сөп. Миэхэ билигин 4 индюктаахпын.Көрөммүн элбээтиннэриэм. Аны бу цецарка куурусса бииһин биир көрүҥэ эмиэ иитэргэ үчүгэй эбит. Сымыыта олус өр буорту буолбат. Этэ да сымнаҕас, үчүгэй”, — диэн Матрена Николаевна хаһаайыстыбатын туһунан билиһиннэрдэ.Тимофеевтарга ити кэпсээбит көтөрдөрүн сэргэ куурусса, хаастар, кустар бааллар.
Кинилэр эмиэ быйылгы сайыны этэҥҥэ туораан, кыстыкка үктэнээри сылдьаллар. Күннэтэ сымыыттыыллар. Онон дьиэ кэргэн сөп буолар сымыытынан хааччынар эбит. Теплица иһигэр өссө бэйэтэ инкубартордаан таһаарбыт эт боруода буолар кууруссалар чоппуускалара тураллар. Кып кырачааннар. Быйыл кыстыыллар. Онтон эһиил көрөн эккэ да барыа, сымыыттыахтарын да сөп эбит. Тимофеевтар туох да бэртээхэй кыһыҥҥы теплица тута сылдьаллар. Сотору үлэҕэ киирэр. Ону өссө билсэ кэлиэхпит диэн бу сырыыга хаһаайыстыбаларын туһунан кылгас сюжет оҥорбуппутун билсиҥ.
«Амма олоҕо» хаһыат