Тыыл — сүрүн өйөбүл

Бүгүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэҕэ баар Саха сиринээҕи тирэх пуун куратора, биир дойдулаахпыт Петр Лебедев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар биир дойдулаахтарбыт дьиэ кэргэттэрин кытары көрүстэ.

Көрсүһүү кыттыылаахтара Петр Иннокентьевич тылын-өһүн истэннэр, долгутар ыйытыыларын биэрэн туһалаах сүбэлэри ыллылар. Бу күн саха уолаттарыгар күүс-көмө, өйөбүл буолан Кыайыы туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар Петр Иннокентьевичка улуус баһылыга Степан Кузьмин Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны кытта түөскэ анньыллар бэлиэни туттарда.

Маны таһынан анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытта сылдьар байыас «Амма киэн туттуута» бэлиэнэн наҕараадаланна. «Амарах сүрэх» түмсүү салайааччыта Римма Алексеева түмсүү ыытар үлэтин, көмөтүн иһитиннэрдэ. Итиэннэ харысхал сетканы кытта Амма нэһилиэгин түөлбэлэрэ уонна Покровкаттан Игорь Петров салайааччылаах «Кормилец» бааһынай хаһаайыстыба хомуйбут отоннорун анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар диэн  туттарда.
Көрсүһүү туһунан сиһилии «Амма олоҕо» хаһыакка ааҕаарыҥ.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше