Солобуода күнүн бэлиэтээһиҥҥэ үгэскэ кубулуйбут түөлбэлэр икки ардыларыгар байдарканан күрэх ыытылынна. Быйылгы күрэххэ кимнээх чаҕылхайдарын көрдөрдүлэр?
“Уһун күөлгэ” ыытыллыбыт байдарканан күрэххэ 11 түөлбэ кыттыыны ылла. Үлэ күнэ да буоллар, хас биирдии олохтоох түөлбэтигэр «ыалдьан», тоҕуоруһа муһунна, кыттааччыларга ис сүрэхтэриттэн ситиһиилэри баҕаран, ыһыы-хаһыы буоллулар. Дьэ кимиилээх киирсии түмүгүнэн кыайыылаахтар маннык буоллулар. Бастакы миэстэни түргэн бириэмэни көрдөрөн «Сарыал» ылла. Иккис — «Тэтим» түөлбэ, онтон үһүс миэстэ «Киин» түөлбэ хамаандата буолла, наадалаах очколары суруннулар. Салгыы миэстэлэри көрөр буоллахха, «Хардыы» түөлбэ төрдүс, «Саһарҕа»- бэһис, «Сэргэлээх»- алтыс, «Муона» — сэттис, «Күннүк»- ахсыс, «Алаас» — тохсус, «Сайдыы»- онус уонна «Нэлэгэр»- уон биирис миэстэ буоллулар.
“Байдарка күрэҕэ олус интэриэһинэй уонна кэрэхсэбиллээх. Бэйэм оҕолору туризм эйгэтигэр сыһыарабын, байдарканан сылдьарга дьарыктыыбын. Онон, байдарканан устарга техникатын сатаан баһылыы үөрэниэххэ наада” – диэн этэр «Сарыал» түөлбэ олохтооҕо Егор Дьячковскай.
Артем ОСИПОВ