Саха норуотун умсугуппут ураты айымньылардаах, хомоҕой хоһооннордоох, абылаҥнаах ырыалардаах тапталлаах суруйааччыбыт, суруналыыспыт, поэппыт, Бөтүҥнэр биир дойдулаахпыт, нэһилиэкпит гимнин айбыт киэн туттар киһибит Иван Никитич Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй 85-с хаарын санныгар түһэрэн ахсынньы ый 3 күнүгэр сүһүөҕүн үрдүгэр көрсүбүтүттэн үөрэн-көтөн ис сүрэхпититтэн эҕэрдэлээн туран, сылы төгүччү ыытыллар ситимнээх үлэ бастакы түһүмэҕин алын кылаас оҕолоругар хоһоон ааҕыытыгар, уруһуйга, панно уонна оҥоһук оҥоруутугар, өйтөн суруйуу күрэҕэ ыытылынна.
Амма улууһун уонна Бөтүҥ нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, РФ суруналыыстарын уонна СӨ суруйааччылар сойуустарын чилиэнэ, Саха сирин суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс бөрүө» бириэмийэ лауреата, СӨ Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Бэчээтин туйгуна, Сэбиэскэй эргиэн туйгуна, СӨ «Ытык Аҕа» бэлиэ хаһаайына, СӨ Ытык Сүбэтин «Ытык кырдьаҕас» анал бэлиэ хаһаайына Иван Никитич Корякин-Уйбаан Бөтүүнүскэй сүүрбэттэн тахса кинигэ, ол иһигэр оҕолорго аналлаах 8 кинигэ ону таһынан 39 ырыа ааптара буолар.
Поэт Уйбаан Бөтүүнүскэй алгыс курдук амарах, таптал курдук иһирэх айымньылара КыысАмма кэрэ айылҕатын, кылыгырыы устар сүүрүктээх Амма Эбэбит, ойуур тыабыт мутукчатын дыргыл сытын иҥэриммит буоланнар дууһаны долгутар, сүрэҕи сылаанньытар аналлаахтар.
Иван Никитич оҕолорго анаан ыыппыт видео эҕэрдэтин тылларын иһиттибит. Ол кэннэ литературнай бырааһынньыкка Бөтүҥ мелодиһа, баяниһа Петр Ефремов “Дьоллоох буолуом оччоҕо” толорон, Егор Никифоров «Төрөөбүт буорум» хоһоонун туойан иһитиннэрэн, 9 кылаас уолаттара ыллаан, хоһоон ааҕан (кыл. сал. Егорова А.В.), ааптар «Аммам, устан суһумнаа» диэн ырыатын Зина Иванова 11 кылааска үөрэнэ сылдьан нууччалыы уонна английскайдыы тылбаастаабыт видеотынан киэргэттилэр. Онтон салгыы библиотекарь Василина Борисова оҥорбут халандаарын билиһиннэрэн, куйаар куодунан олохтоох муусука айааччы Иван Афанасьев мелодиятыгар “Алаас сирэм Хотуна” ырыатын иһиттибит.
Н. Е. Иванов аатынан Бөтүҥ агро оскуолатын сакааһынан, 2005, 2017 сыл выпустара спонсордаан «Төрөөбүт Бөтүҥүм» хоһоонунан Милена Борисова мелодиятыгар Любовь Лопаткина аранжировкатыгар саҥа клип сүрэхтэннэ. Түгэнинэн туһанан оскуола директорыгар Акулина Семеновна Ивановаҕа, С.Я. Левин аатынан культура киинин директорыгар Анна Федоровна Яковлеваҕа өйөбүллэригэр, күүс көмө буолбут күндү төрөппүттэригэр, С.Я. Левин аатынан култ\ьтура киинин уус-уран салайааччытыгар Попова Саина Ивановнаҕа, звукорежисер Гурьев Анатолий Анатольевичка идеяны олоххо киллэрбит ааптардар библиотекарь Василина Борисова, музыка Любовь Лобанова махталларын ыыттылар. Дьүүллүүр сүбэҕэ нэһилиэк бибилэтиэкэтин үлэһитэ Лилия Семенова, оскуола бибилэтиэкэрэ Василина Борисова, саха тылынучутала Анастасия Лазарева үлэлээтилэр.
Н.Е.Иванов аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ
Каролина Степанова, Даша Жарина.