Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктара. Уйгун-быйаҥы дэлэтэр, биир өрөбүлэ суох күннэтэ түбүгүрэр дьоммутун Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин истиҥник эҕэрдэлиир.
Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-таҥастыыр салаа үлэһиттэрэ, бэтэрээннэрэ!
Эһигини Россияҕа тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-таҥастыыр промышленность үлэһиттэрин күнүнэн Амма улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Кэм-кэрдии хаамыытынан олох сайдан иһэр, ол эрээри тыа сирин үлэтэ тыын суолтатын сүтэрбэт. Тоҕо диэтэххэ, дойду ас-үөл өттүнэн куттала суох буолуутун тыа хаһаайыстыбата, хотон-хонуу үлэһиттэрэ, үлэни-хамнаһы сүрүннүүр исписэлиистэр хааччыйаҕыт.
Россия федерациятыттан, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн көрүллэр үпкэ тирэҕирэн, улууспутугар сыллата ыһыы иэнэ кэҥэтиллэн быйыл , сүөһү иитэр комплекстар тутуллаллар, астыыр-таҥастыыр салаа эбийиэктэрэ үлэҕэ киллэриллэллэр, саҥа тиэхиньикэ атыылаһыллар, үлэ технологията тупсарыллар.
Тыа сирин, аграрнай производствоны өйүүр судаарыстыба бэлиитикэтигэр тирэҕирэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай тус сыаллаах бырагыраамалар чэрчилэринэн, быйыл биһиги улууспутугар сыллата араас эбийиэк тутуллан үлэҕэ киллэриллэр, саҥа саҕалыыр эдэр бааһынайдарга уонна үлэлэрин-хамнастарын кэҥэтэр бааһынайдарга анаммыт граннарын саҥа хамсааһыннар олоххо киирэллэр. Ол курдук быйыл Покровкаҕа, Абаҕаҕа бурдук ыскылаата, Чакырга хотон тутуллан үлэҕэ киирдилэр, Болугурга саха сүөһүтүгэр анаан хотон уонна итини таһынан улууспутугар үс сиргэ сылгы хаһаалара тутулла тураллар. «Амматааҕы» аахсыйалаах уопсастыба быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх техника, оборудование ылынна. Быйыл улууспут үрдүнэн оттооһун, эбии аһылык бэлэмин, бурдук, оҕуруот аһын хомуурун былаана барыта туолла. Бу барыта биллэн турар, Аммабыт төһүү үлэһит дьоно эһиги саргылаах сатабыллаах, сыралаах, күүстээх үлэҕит үтүө түмүгэ буолар.
Ытыктабыллаах тыа хаһаайыстыбатын уонна астыыр-таҥастыыр салаа үлэһиттэрэ! Эһигини айылҕа барахсан өҥ буоруттан бэриһиннэрэр уйгуну-быйаҥы дэлэтэр үлэһит дьоммутун таһаарыылаах, сыралаах үлэҕит иһин ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Күндү бэтэрээннэр, үтүө суобастаах үлэҕит иһин эһиэхэ дириҥник сүгүрүйэбин!
Баҕарабын ыраас халлааны, быйаҥнаах бааһынаны, үрдүк үүнүүнү уонна дьоһун дохуоту!
Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар, дьиэ кэргэттэргитигэр нус-хас олоҕу, ситиһиини, дьолу-соргуну!