Улуус басхан үөрэнээччитинэн Артем Марков буолла

Сахалыы толкуйдаах, түмэр, салайар дьоҕурдаах уолаттары киэҥ араҥаҕа таһаарар, төрөөбүт дойду патриота буоларга иитэр «Басхан — 2024» улуустааҕы дьыалабыай оонньуу Амма улууһун нэһилиэктэриттэн 10 уоланы бүгүн түмтэ. Үһүс төгүлүн ыытыллар баһылыыр-көһүлүүр талааннаахтары тургутар тэрээһин биэс түһүмэҕин уолаттар хайдах мүлчү түстүлэр?

Уол оҕо оруолун, уопсастыбаҕа миэстэтин үрдэтэр күрэх оройуон иһинээҕи түһүмэҕэр 8 кылаас үөрэнээччилэрэ Болугуртан Василий Шестаков, Соморсунтан Эрчим Иванов, 9 кылаас үөрэнээччилэрэ Амма Наахараттан Виссарион Тарскай, Эмистэн Маркел Васильев, 10 кылаас үөрэнээччилэрэ Чакыртан Айтал Максимов, Абаҕаттан Николай Кайдалов, Алтантан Александр Адамов, 11 кылаас үөрэнээччилэрэ Сатаҕайтан Александр Пахомов, Амматааҕа лиссиэйтэн Артем Марков, Бөтүҥтэн Мичил Кырбасов  эрбии биитин курдук эрийсиилээхтик кииристилэр.

Уолаттар бары даҕаны саныыр санааларын, толкуйдарын уу сахалыы тиэрдэр кыахтаахтарын, ханнык баҕарар боппуруоска бэйэлэрэ туспа көрүүлээхтэрин, төрөөбүт дойдуларын историятын, литературатын, өбүгэ үгэстэрин үөрэтэллэрин көрөөччүлэр уонна дьүүллүүр сүбэ иннигэр итэҕэттилэр. Ол курдук, кыттааччылар «Удьуор утума» түһүмэххэ төрдүлэрин-уустарын билиһиннэрдилэр, иккис түһүмэххэ сэрэбиэйинэн талан ылбыт дойду салайааччыларын туһунан бэйэлэрин санааларын тиэртилэр,  үһүс «Өркөн өй» түһүмэххэ  биир мүнүүтэ иһигэр түргэн 10 ыйытыыга хоруйдаатылар, төрдүс «Дьыалабыай оонньуу» түһүмэххэ кэнчээри ыччат сайдар суолун туһунан санааларын сайа эттилэр, оттон түмүктүүр «Айыы умсулҕана» түһүмэххэ  түөрт строкалаах олоҥхо кэрчигин тута ситэрэн, салҕаан айарга холоннулар.

Кыттаачылар билиилэрин таһымын, бэлэмнэрин дьүүллүүр сүбэ кыраҕатык кэтээн көрдө. Улуус баһылыгын маҥнайгы солбуйааччы, улуустааҕы Аҕа түмсүүтүн салайааччы Василий Бураев, улуус үөрэҕин салалтатын салайааччы Николай Ларионов, Амматааҕы гражданскай сэрии устуоруйатын түмэлин дириэктэрэ Байдам Айантай, үөрэх үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын улуустааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Прокопий Бытыров, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин улуустааҕы идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Петр Табунанов биир даҕаны тылы сыыска-буорга түһэрбэккэ сыаналаатылар.

Бэрт кылгас сүбэлэһии кэнниттэн дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ биир санааҕа кэлэннэр анал ааттар хаһаайыннарын билиһиннэрдилэр — «Ылыннарыылаах тыллаах» — Василий Шестаков, «Хомоҕой тыллаах» — Виссарион Тарскай, «Киэҥ көрүүлээх» — Александр Пахомов,  «Өркөн өй» — Мичил Кырбасов, «Сайдам санаалаах» — Николай Кайдалов, «Тобуллаҕас толкуйдаах» — Маркел Васильев буоллулар. Быйылгы «Басхан» дьыалабыай оонньуу үһүс үрдэлигэр Александр Адамов, иккис үрдэлигэр Эрчим Иванов, маҥнайгы үрдэлигэр Айтал Максимов таҕыстылар. Оттон Кылаан кыайыылааҕынан туох даҕаны мөккүөрэ суох  Артем Марков ааттанна  уонна муус устар 9-10 күннэригэр улуус аатын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар көмүскүүр чиэһи сүктэ.

Күрэх дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ Прокопий Семенович Бытыров кыттааччылар таһымнарын туһунан санаатын бу курдук үллэстэр:

Оскуолаларбытыгар санааларын уу сахалыы сайа этэр, киэҥ толкуйдаах, ылыннарыылаах тыллаах, салайар дьоҕурдаах элбэх даҕаны уолаттардаах эбиппит диэн астынан турабын. Аны 8 кылаас үөрэнээччилэрэ оскуоланы бүтэрэр саастаахтары кытта тэбис-тэҥҥэ кыттыбыттара, тугунан даҕаны хаалсыбаттара эмиэ сөхтөрдө. Улуус салалтатын үлэһиттэрэ бу уолаттары таба көрөн, баҕар тус сыаллаах кинилэри үөрэттэрэн, инникитин маннык дириҥ өйдөөх-санаалаах, толкуйдаах ыччаттарбыт төрөөбүт улуустарыгар кэлэн үлэлииллэрин гына эрдэттэн тэриниэхтэрин баар эбит. Маннык күрэхтэргэ, оонньууларга сылдьан кадр резервэтин оҥоруохха сөп диэн көрдүм.

Манна даҕатан эттэххэ, Артем Марков бу оонньууга маҥнайгы кыайыыта буолбатах. Бастакы күрэххэ кыайыылаах тахсан баран кэккэ биричиинэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ кытта барбатаҕа. Ол соругун ситэрээри быйыл эмиэ анаан-минээн бэлэмнэнэн кэлэн кыттыыны ылбыт. Кини салайааччыта,  Амматааҕы лиссиэй саха тылын уонна литературатын учуутала Наталия Рязанская буолар.

Уолаттары кытыннарарбар аан бастаан бэйэлэрин баҕаларын ыйытабын. Дьүккүөрэ,сыала-соруга суох оҕону төһө даҕаны бэлэмнээ — түмүгэ суох буолар. Быйыл Артем бэлэмэ, дьиҥинэн ситэтэ суох диэххэ сөп. Онуоха кини атын интэриэһэ, дьарыга элбэҕэ эмиэ миэстэни ылар — «Юнармия» актыыбынай кыттыылааҕа, күн бэҕэһээ Дьокуускайтан Бүтүн Россиятааҕы «Юнармейская доблесть» мэтээли ылан кэлбитэ, олимпиадаларга ситиһиилэрдээх, волейболунан утумнаахтык дьарыктанар спортсмен.

Бэлэмнэниибит туһунан сырдатар буоллахха, ордук күүскэ «Дойду салайааччылара»  түһүмэххэ бэлэмнэммиппит. Блиц-ыйытык эмиэ киэҥ билиини эрэйэр — төрүт культураттан, саха тылын историятыттан, саха литературатыттан, сиэри-туому билиини барытын тургутар, түргэнник толкуйдааһыны эмиэ эрэйэр. Аны түһүмэх барыта регламеннаах, бириэмэҕэр сөп түбэһиэхтээххин. Онон оҕону бары өттүттэн сайыннарар маннык күрэх ыытыллара олус наадалаах,- диэн  Наталия Константиновна санаатын үллэстэр.

Түмүккэ Артемҥа өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ситиһиини, атын кыттааччыларга өссө күүскэ бэлэмнэнэн кэлэр сылларга өссө күүрээннээх, тыҥааһыннаах оонньуулары көрдөрөллөрүгэр баҕарабыт.

«Амма олоҕо» хаһыат.

Читайте дальше