Улуус дьаһалтата отчуотун түмүктээтэ

Бүгүн Амма Наахара, Болугур уонна Покровка нэһилиэктэринэн  улуус дьаһалтата 2023 сыллаахха ыытыллыбыт үлэтин билиһиннэрэр, сырдатар, дьон санаатын истэр, этиилэрин сурунар отчуотун  түмүктээтэ. Нэһилиэнньэ отчуокка бэркэ көхтөөхтүк кытынна, кулууп дьиэлэригэр толору кэлэн иһиттилэр.

Амма Наахараҕа сүрүн туруорсар боппуруостарынан учаастактааҕы балыыһаларын саҥардыы, айан суолун тупсарыы боппуруостара турдулар. Улуус баһылыга Степан Кузьмин бэлиэтээн эппитинэн, Амма Наахараҕа ыаллар 70 бырыһыаннара киин ититэр ситимҥэ холбонон олорор. Аны хаалбыт ыаллары холбуур сорук турар. Маны сэргэ оскуолалара эмиэ модернизация бырагырааматыгар киирэн, өрөмүөн үлэтин барарыгар баҕалаахтар. Итини сэргэ олохтоохтор сыана тоҕо наһаа ыарыы турарый, хаарбах турар уопсай дьиэлэр хаһан көтүрүллүөхтэрэй, куһаҕан ууну тиэйэр массыына хаһан саҥардыллыай, оҕо саадыгар туустаах хоһу аһыыга көмө  уонна да атын боппуруостары, уопсайа 20-тэн тахса ыйытыгы биэрэн эппиэттэри ыллылар. Ыйытыылар тылынан да, суругунан да киирдилэр. Бары санааларын эппиттэр биир санаанан ыытыллыбыт үлэни биһирээтилэр, ситиһиилэри баҕардылар.

Нэһилиэк биир көхтөөх олохтооҕо, муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ Людмила Ксенофонтова улуус салалтатынан сөптөөх үлэ ыытыллыбытын, үлэни биһириирин биллэрдэ уонна  дьиэ кэргэн сылын көрсө, улууска аан бастакынан Герой Ийэ үрдүк аатын ылбыт ийэлэрэ Мария Лаврентьевна Александрова туһунан кэпсиир кинигэтин  улуус баһылыга Степан Кузьмиҥҥа үөрэ-көтө, бары баҕа санаатын этэн туран туттарда. Ону кытта “Ийэ диэн Аанньал курдук киһи, онон эйиэхэ бу харыстыы, араҥаччылыы сырыттын диэн Аанньал бэлэхтиибин” диэн илиинэн баайыллыбыт Аанньалы бэлэх ууммута, эдэр салайааччыга хайдах эрэ эрэ ураты, истиҥ буолла.

Болугур нэһилиэгэр саала эмиэ толору. Ыйыталаһыы, санаа этиитэ да көхтөөх. Болугурдар биир сытыы боппуруостарынан балыыһаны кэҥэтии, саҥардыы, айан суолун өрөмүөнэ, заправканы сөргүтүү буоллулар. Манна ордук хото боппуруостар доруобуйа харыстабылыгар, тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар киирдилэр. Боппуруостарга  улуус кылаабынай бырааһа Михаил Архипов, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччытын солбуйааччы  Алексей Шишигин, бэтэринээрнэй управление салайааччытын солбуйааччы Анатолий Артемьев,  тутуу, суол  боппуруостарыгар толору эппиэти баһылыгы тутууга солбуйааччы Виктор Смирников, Уһук Илин гектарын  туһунан  ыйытыыга КУМИ салайааччыта Валентин Петров  эппиэттэри биэрдилэр.

Олохтоох Василий Максимов сүөһү көрөр киһи аҕыйаан иһэрин, манна хотон тутан, кыайан көрбөт дьонтон сүөһүнү ылан көрүүнү үөрэтэн көрөр наадатын, Ульяна Окорокова бэтэринээрдэр оҥорор өҥөлөрө ыараан иһэрэ өйдөнүллүбэтин, бу барыта сүөһүнү көрөр киһиэхэ охсорун, орто оскуола дириэктэрэ Татьяна Иванова улуус салалтатын үлэтин үрдүктүк сыаналаан, оскуолалара бу ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын рейтиннэрин таһаарыыга Амма улууһуттан үс оскуола үчүгэй рейтини ыланнар эбии үбүлээһини ылар буолбуттара, улуус ситиһиитэ буоларын бэлиэтээн эттилэр.  Татьяна Ивановна улуус баһылыгар оскуола үбүлүөйүнэн тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна уонна үлэтигэр ситиһиини баҕарда. Түмүккэ бары биир санаанан ааспыт сыллаах үлэни үчүгэйинэн сыаналаатылар.

Покровка нэһилиэгэр дьон -сэргэ эмиэ сүрдээҕин кэлбит. Покровкалар саамай күүтэр, туруорсар боппуруостара уһуйааннара буолар. Онон манна улуус баһылыгын тутууга солбуйааччы Виктор Смирников уһуйаан тутуута хайдах, ханнык кэрдиискэ сылдьарын, салгыы хайдах үлэлиэхтээхтэрин барытын бэрт сиһилии быһааран биэрдэ. Ону сэргэ саҥа эбии хочуолунай тутуутун эмиэ сырдатан олохтоохтор бу боппуруостары таарыйбатылар. Манна бэл суругунан да боппуруос киирбэтэ диэххэ сөп. “Амма” хаһаайыстыбатын кэтиир сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ольга Огурешникова улуус салалтата быраҕыллан сытар бааһыналары чөлүгэр түһэриигэ, урукку ыһыы сирдэрин тилиннэриигэ күүскэ ылсалларыгар   уонна элбэх үлэ ыытыллыбытын, эдэр саҥа састаап эрчимнээхтик үлэлииригэр баҕа санаатын тириэртэ, ыытыллыбыт үлэни биһирээтэ. Олохтоохтор да бу сыанабылы өйөөтүлэр.

Дьэ ити курдук улуус биир да нэһилиэгэ хаалбакка,  ааспыт сылга ыытыллыбыт үлэ туһунан иһиттэ. Отчуокка нэһилиэнньэ барыта олус көхтөөхтүк кыттан, улуус эдэр салайааччыларыгар ситиһиини баҕаран, бэйэлэрин өртүлэриттэн буолаары турар Олоҥхо ыһыаҕар күүс-көмө буолуохпут диэн эрэл тылларын эттилэр.

Отчуот туһунан сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка ааҕаарын.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше