Үгэскэ кубулуйбут улуус дьаһалтата ааспыт сылга ыытан кэлбит үлэтин-хамнаһын, кэлэр сыл былааннарын нэһилиэнньэ иннигэр билиһиннэрэр тэрээһинэ бүгүҥҥэттэн саҕаланна. Отчуот урукку сылларга икки, эбэтэр үс бөлөҕүнэн арахсан барар эбит буоллаҕына, бу сырыыга соҕотох биир биригээдэ сылдьыа. Онон бастакы күн отчуот Абаҕа, Бөтүҥ уонна Чапчылҕан нэһилиэктэригэр турда.
Отчуот аныгы сиэринэн слайданан көрдөрүүнэн барда. Ону сэргэ улуус баһылыга Степан Кузьмин отчуоту ситэрэн-хоторон биэрдэ. Отчуоттар Аммабыт өрөгөй ырыатынан саҕаланар буолбуттара эмиэ үтүө үгэскэ кубулуйда. Бу кэнниттэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттары наҕараадалыыр эмиэ былырыыҥҥыттан баар буолбута, тэрээһини сэргэхситэр. Бу сырыыга бу күһүн буолбут улахан таһымнаах быыбардарга көхтөөхтүк кыттыбыт дьону бэлиэтээтилэр.
Отчуот хаһан да буоларын курдук ыйытыы, этии бэрээдэгинэн барда. Абаҕаҕа бэрт элбэх боппуруос бэрилиннэ. Бөтүҥнэр, чапчылҕаннар да онтон хаалсыбатылар. Бары кыһалҕалаах боппуруостарын ыйыталаһан эппиэттэри сонно тута ыллылар, сорохторун баһылык бэлиэтэнэн быһаарсарга эрэннэрдэ. Үс нэһилиэк олохтоохторун Амма сыбаалката, чопчулаан эттэххэ, онно кутуллар фекальнай уу өрүскэ түһүүтэ хаһан бэрээдэктэнэрэ, Дьокуускайдыыр улахан суол туруга, быраастар, учууталлар тиийбэттэрэ долгутар. Бу боппуруостар үс нэһилиэккэ үһүөннэригэр киирдилэр. Манна улуус баһылыга Степан Кузьмин, кинини тутууга солбуйааччы Виктор Смирников бэрт үчүгэйдик, сиһилии быһааран кэпсээтилэр. Дьон-сэргэ бу нэһилиэктэргэ олус көхтөөхтүк кэлэн иһиттэ уонна бары улахан үлэ барбытын бэлиэтээн, инникитин өссө киирбит кыһалҕалары быһаарыыга күүскэ үлэлииллэригэр баҕаран туран, ыытыллыбыт үлэни биһирииллэрин биллэрдилэр.
«Отчуоппут бэрт сэргэхтик саҕаланна. Абаҕаҕа, Бөтүҥҥэ уонна Чапчылҕаҥҥа дьон сүрдээҕин кэлбититтэн биһиги отчуоттуур бөлөх үөрэбит уонна астынан туран махталбытын биллэрэбит. Ол аата кинилэр нэһилиэктэрин, улуустарын сайдыытыгар кыһаналларын, кини туһугар ыалдьалларын көрдөрөр. Бары киирбит этиилэри, туруорсуулары боротокуолга киллэрэн, бу сыл устата хайа кыалларынан дьүүллэһэн, олоххо киллэриигэ үлэлэһиэхпит», — диэн Степан Николаевич санаатын үллэһиннэ.
Отчуот туһунан сиһилии “Амма олоҕо” хаһыакка ааҕаарын.
“Амма олоҕо” хаһыат