Улууска от былаана 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ

Амма улууһун тыатын хаһаайыстыбатын биэрэр субуоккатыттан ыллахха, атырдьах ыйын 17 күнүн туругунан оттооһун былаана 70 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ.  Нэһилиэктэр хайдах оттоон иһэллэрий, төһө мобильнай биригээдэ тэрилиннэ?

Нэдиэлэҕэ иккитэ хомуллар субуокка кэпсииринэн бары нэһилиэктэр былааннарын эриэ дэхси толорон иһэллэр. Ол курдук биирдиилээн ылан көрөр буоллахха, Амма нэһилиэгэ – 70 бырыһыан (1383 тонна), Абаҕа -66,7 бырыһыан (2897 тонна), Алтан -70 бырыһыан (973 тонна), Амма Наахара -72, 5 бырыһыан (1145 тонна), Бөтүҥ – 68,9 бырыһыан (2226 тонна), Болугур – 65,5 бырыһыан (3255 тонна), Майскай – 72, 4 бырыһыан (575 тонна), Мээндиги – 70,3 бырыһыан (550 тонна), Сатаҕай – 51,3 бырыһыан (1441 тонна), Соморсун – 83,1 бырыһыан (2409 тонна), Сулҕаччы – 70, 5 бырыһыан (1633 тонна), Чакыр – 78,8 бырыһыан (1751 тонна), Чапчылҕан – 66,9 бырыһыан (644 тонна), Эмис – 84,9 бырыһыан (1670 тонна) буоллулар. Мантан көстөрүнэн ордук үчүгэй көрдөрүүлээх нэһилиэктэринэн Соморсун уонна Эмис нэһилиэктэрэ буолаллар. Бу күннэргэ Ыспааһап ардахтара түһэннэр, күргүөмнээх оттооһун суох. Ол да буоллар отчуттар, соруктарын толорорго дьулуһан ходуһалартан тахсыбаттар. Онтон ыраах, нэһилиэктэриттэн 60 км ыраах сиргэ баран оттуур мобильнай биригээдэлэр былаанарын аҥарын кэриэтэ ыллылар. Ол эбэтэр сорук 5075 тонна эбит буоллаҕына, атырдьах ыйын 17 күнүнэн 2337 тонна от бэлэмнэннэ. Ааспыт сыл бу кэмигэр мобильнай звенолар 2178 тонна оту кэбиспиттэрэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше