Үлэ Дьоруойа П.И.Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын декадатыгар араас киһи астынар тэрээһиннэрэ буоллулар.
Быйыл Амма улууһугар ыытыллар тунал Олоҥхо ыһыаҕын көрсө уонна төрөөбүт тыл, сурук — бичик күнүгэр улууска ананан ыытыллыбыт «Уол оҕо чуор куолаһа» диэн кылаастар уолаттарын икки ардыларыгар олоҥхону толоруу күрэҕэ бэрт сэргэхтик ааста. Алын сүһүөх кылаастарыгар «Кылаан кыайыылаах 3 кылаас үөрэнээччитэ Шамиль Макаров буолла. Онтон 1-кы миэстэни саамай кыра олоҥхоһуппут 1-кы кылаас үөрэнээччитэ Сандал Устинов, 2-с миэстэни 4-с кылаас толорооччута Ваня Пахомов, 3-с миэстэни 2 кылаас уолаттара Өркөн Пахомов, Даниэль Никитин ыллылар. Орто бөлөххө «Кылаан кыайыылааҕынан» 7 кылаас бастыҥ уола Дима Ефремов таҕыста. 1-кы миэстэҕэ 5 кылаас үөрэнээччитэ Дайаан Ефремов, 2-с миэстэҕэ 7 кылаас үөрэнээччитэ Ильдар Ефремов, 3-с миэстэҕэ 8 кылаас чиэһин көмүскээбит Емельян Никифоров уонна 6 кылаас аатын ааттаппыт Слава Никифоров тигистилэр. Улахан бөлөххө «Кылаан кыайыылаах» үрдүк аатын 11 кылаас үөрэнээччитэ сахалыы куттаах Талбан Мартынов ылыаҕын ылла. 1 миэстэҕэ 10-с кылаас үөрэнээччитэ Петя Пахомов, 2 миэстэҕэ 9-с кылаас аатын көмүскээбит Айаар Михайлов таҕыстылар.
Олоҥхо толоруутун күрэҕин саха тылын учуутала Матрёна Макарова, нуучча тылын учуутала Валентина Александрова уонна олохтоох библиотека салайааччыта Екатерина Унарова дьүүллээтилэр. Күрэҕи учуутал Марианна Устинова иилээн — салайан ыытта. Түмүк тахсыаҕар диэри «Тобук тардыһыыта», «Кырынаастыыр», «Көтөх ынаҕы туруоруу» диэн уолаттарга төрүт саха оонньууларыгар күрэхтэһии тэрилиннэ.
Олоҥхо үс дойду олоҕун тыл баайынан, таба саҥарыынар уруһуйдуур айымньы буолар.
Ирина Корякина-Олесова.