Уруһуй быыстапкатыгар дьон талаана сөхтөрдө

Солобуода күнүгэр Федот Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Аммабыт айар талааннаахтарын быыстапката дьон-сэргэ көрүүтүгэр турда. Олор истэригэр Анна Кильбясова айылҕа кэрэ көстүүлэрин хоһуйбут уруһуйдара үгүс киһи сэҥээриитин ылла.

Быйыл биэнсийэҕэ тахсан бараммын хайдах эрэ иэйии киирэн бэйэм ис-испиттэн уруһуйдуур буоллум. Үксүн холска акрил кыраасканан үлэлиирбин ордоробун. Бу иннинэ хаһан да уруһуйдаабат этим, художественнай үөрэҕим суох. Интернет ситимиттэн көрөн уруһуйдуурга үөрэнним. Ордук күннээх айылҕаны, ыраас ууну, кыыллары, сардаананы сөбүлээн уруһуйдуубун. Ол кыһыммыт уһунуттан, сайыммыт кылгаһыттан дии саныыбын. Күн уота сылаас биэрэр курдук, хайдах эрэ дууһаны уоскутар релакс хартыыналары оҥорорго дьулуһабын. Уопсайа 10-тан тахса хартыыналаахпын, ый аайы биирдии хартыынаны оҥоробун, — диэн Анна Кильбясова санаатын үллэстэр.

Уруһуйдьуттар быыстапкаларыгар Анатолий Черемных аатынан оҕо искусствотын оскуолатын уруһуйга учуутала Туймаада Захарова, Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын үлэһитэ Валерий Софронов, Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин худуоһунньук-оформителэ Александра Кокарева уонна да атыттар – барыта 10-тан тахса ааптар үлэтэ көрөөччү болҕомтотун тарта.

Вера ИВАНОВА.

Читайте дальше