Василий Бураев “Эйэҕэстик көрүстүлэр, иһирэх кэпсэтиилэр буоллулар”

Соторутааҕыта улуус дэлэгээссийэтэ уруккуттан доҕордуу буолбут Кытай народнай өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунзьян провинциятын Суйфэнхэ куоратыгар баран кэлбитэ. Ол курдук бу кыраныысса аттынааҕы куоракка IX норуоттар икки ардыларынааҕы эргиэн быыстапката буолан ааспыта.  Дэлэгээссийэни улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Василий Бураев салайан илдьэ сырытта.

«Биһиги Амма улууһуттан биэс буолан бара сырыттыбыт. Ол курдук улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын управлениетын салайааччыта Иван Иванов, Амма 1№-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Ларионов, урбаанньыт Наталья Шишигина уонна Соморсун култууратын киинин дириэктэрэ Надежда Игнатьева барсан, бэйэлэрин салааларынан элбэҕи билэн, салгыы үлэлииргэ кэпсэтиилэри ыытан кэллилэр. Суйфэнхэ куоракка эргиэн быыстапкалыыр саалаларын барытын көрдүбүт. Уопсайынан бу куорат тугунан дьарыктанарын,  промышленность ханнык салаатыгар  үлэлииллэрин,  тугу оҥорон таһааралларын илдьэ сылдьан көрдөрдүлэр.  Туох баар быыстапкаҕа барытыгар инники эрээккэ олордон бочуоттаах ыалдьыттар буолан сырыттыбыт. Доҕордуу куораппыт буоларын быһыытынан, олус сылаастык көрүстүлэр. Хас да оскуолаҕа, балыыһаҕа, култуурунай эбийиэктэргэ сырытыннардылар, сырдаттылар. Ону сэргэ биллэн туран икки өртүттэн туризмы сайыннарыыга киэҥ кэпсэтиилэр, сөбүлэһиилэр буоллулар.  Бэйэбит өртүбүтүттэн аны сайын Аммабытыгар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕар кэлэн улуу Кытай култууратын көрдөрөллөрүгэр, билсиһиннэрэллэригэр этии киллэрдибит. Быһатын олус туһалаах, салгыы үлэлииргэ былааннардаах сырыы буолла«, — диэн Василий Иванович билиһиннэрдэ.

Кэпсэтиини сиһилии «Амма олоҕо» хаһыакка ааҕан билсээрин.

Ааптар: «Амма олоҕо» хаһыат