Амма олохтооҕо Василий Слепцов Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай Мунньахха анал этиитин өрүү сэргээн истэр.
«Владимир Владимирович Арассыыйа экономикатын бары хайысхаларын хабан сүрдээх глобальнай, улахан, киэҥ ис хоһоонноох этиилэри оҥордо. Былаан төһө бырыһыан туолбутун, төһө туолуохтааҕын сыыппара, үп-харчы өттүнэн ааспыт сыллары кытта тэҥнээн сиһилии иһитиннэрдэ. Ол курдук Арассыыйа уопсай оҥорон таһаарар экономиката аан дойдуга биэс иһигэр киирбитин, тыа хаһаайыстыбатын салаата бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга аан дойду экономикатыгар 20 иһигэр баарбыт диэн этиитин астына иһиттим. Маныаха тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир уонна тыа сиригэр олорор дьоҥҥо дириҥ махталын биллэрдэ. Инники өттүгэр өссө улахан сайдыы барыаҕын эттэ. Суол, тырааныспар, сибээс, бырамыысаланнас, тутуу, үөрэх, доруобуйа харыстабылын, култуура, социальнай эйгэ салааларын ситиһиилэрин, салгыы сайдар тосхоллорун чопчулаата, дьиҥ холобурдары аҕалтаата. Дьиэ кэргэн олоҕо бигэ туруктаах буолуутугар көрүллэр чэпчэтиилэр улааталларыгар болҕомто уурулларын эттэ. Түмүгэр Арассыыйа бүгүҥҥү сайдыыта, былаан туолуута Ийэ дойдуларын фроҥҥа көмүскүү сылдьар хорсун хоодуот буойуттартан тутулуктааҕын, Арассыыйа билиҥҥи элитата, дьиҥнээх патриоттара кинилэр буолалларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Маннык дьонноох буоллаҕына, Арассыыйа өлөн-охтон биэрбэтин, инникигэ эрэллээҕин биллэрдэ», — диэн этэр Василий Иннокентьевич.
Вера ИВАНОВА