Вероника Стручкова: “Амма олоҥхоһуттарын хаан-уруу аймахтара олоҥхону ааҕыыга кыттыахтара”

Олоҥхо ыһыаҕар Аммабыт хас биирдии олохтооҕо араас тэрээһиннэргэ кыттан тус кылаатын киллэрсэр. Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ кылаабынай бибилэтиэкэрэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Вероника Стручкова Аммабыт фольклоругар аналлаах кинигэлэр сүрэхтэнэр биһирэмнэрин ыытыаҕа. Манна кинигэҕэ үлэлээбит автордар, эпосоведтар, чинчийээччилэр, улуу олоҥхоһуттарбыт сыдьааннара кэлэн кыттыыны ылыахтаахтар.


Олоҥхо ыһыаҕын иитинэн Аммабытыгар улахан түһүлгэни ситэрэн, кэҥэтэн бэртээхэй анал тутуулар дьэндэһэн кэчигирэстилэр, кэрэ көстүүлэрэ үөрүүбүтүн үрдэттилэр. Сахабыт сирин ааттаах-суоллаах олоҥхоһуттарын, тойуксуттарын, оһуокайдьыттарын, ырыаһыттарын илэ көрөн, сөҕө-махтайа истэр дьоллонобут. Айыыларбыт алгыстарынан арчыланыахпыт. Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит сиэрбитин-туоммутун, төрүт култуурабытын: сахабыт маанылаах таҥаһын, аспыт эгэлгэтин, чорооннору, кытыйалары, былыргы үгэстэрбитин, уустарбыт, быһыйдар, хапсаҕайдьыттар күрэстэрин, ат сүүрдүүтүн – астына-дуоһуйа көрүөхпүт. Маны тэҥэ улуу олоҥхоһут Тимофей Васильевич Захаров-Чээбийбит «Ала Булкун» олоҥхотун 100 киһи кыттыылаах уһун тыыннаах ааҕыы буолар. Онно кыттыахтара араас улуустартан ыалдьыттарбыт уонна биир сүрүн уратытынан бу тэрээһиҥҥэ Амма олоҥхоһуттарын хаан-уруу аймахтара кыттан олоҥхону ааҕыахтара, — диэн Вероника Ивановна күндү ыалдьыттары долгуйа күүтэр.

 

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше