Бүлүү бөлөхтөр Николай Рязанскай үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар

Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, биир дойдулаахпыт Николай Рязанскай  «Төрөөбүт дойдум дьүһүлгэнэ» диэн быыстапкатын  Бүлүү бөлөх улуустарга билиһиннэрэр. Быыстапка Үөһээ  Бүлүү улууһун кыраайы үөрэтэр түмэлигэр туран элбэх киһи сылдьан хартыыналары олус диэн сэҥээрэн көрдүлэр. Онтон Бүлүү куоратыгар култуура дыбарыаһыгар турда. Улахан да дьон, оҕо да аймах худуоһунньук талаанын, арыйар тиэмэтин  хайҕаатылар.

Айылҕаттан бэриллибит уруһуйдуур талааннаах худуоһунньук Николай Рязанскай быйыл айар үлэтин киэҥник билиһиннэрэ сылдьар. Ол курдук үлэлэрэ Москубаҕа, Санкт Петербург курдук Арассыыйа улахан куораттарыгар туран, бар дьон сэҥээриитин ылбыттара. Аны билигин Николай Николаевич үлэтин Бүлүү бөлөх улуустарынан билиһиннэрэ сылдьар. Кинини эрэллээх олоҕун аргыһа Екатерина Филипповна арыаллыыр. Рязанскайдар бу сылдьар кэмнэригэр көннөрү быыстапка эрэ туруорбакка, нэһилиэнньэни, уруһуйдуур талааннаах оҕолору кытта көрсөн кэпсэтэн, санаа атастаһан, боппуруостарга эппиэттээн көрсүһүүлэри тэрийэллэр.  Быыстапкаҕа сылдьыбыт бары көрөөччүлэр худуоһунньук талаанын сөҕөллөр. Кинилэр хас биирдии хартыыналара дэриэбинэ олоҕун бу баардыы көрдөрөллөрүн, бэл диэтэр сорох түгэннэргэ оруобуна кинилэри ойуулаабыт курдугун бэлиэтииллэр. Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын преподавателэ Майя Саввина  “Николай Николаевич хартыыналара син биир кинигэ курдуктар. Худуоһунньук кинигэни суруйар суруйааччы курдук” диэн олус бэргэнник бэлиэтээн эппитэ, биир дойдулаахпыт хартыыналара чахчы да хайа баҕарар киһи сүрэҕэр тиийэрин, чугаһын, дириҥ ис хоһоонноохторун көрдөрөллөр.

Үөһээ Бүлүү улууһугар сылдьан өссө  Кэнтиккэ тахса сырыттыбыт. Онно  “Чап уустарын” түмэлин көрдөрдүлэр. Наһаа  астынныбыт, сөхтүбүт.  Салгыы Горнай улууһугар Мыытаахха улуу худуоһунньук  Афанасий Осипов музей-  галереятыгар кэлэн быыстапканы астыбыт.  Онон Николай  Николаевич  өр кэмҥэ баҕарбыт баҕата туолан дуоһуйууну ылла. Улуу худуоһунньук дойдутуттан өссө айарга-тутарга  күүс ылан барабын диэн ис иһиттэн үөрэр. Бу быыстапкаларбытын атын улуустарга тэрийэбитигэр күүс –көмө буолбут дьоммутугар дириҥ махталбытын тириэрдэбит”, — диэн худуоһунньук эрэллээх доҕоро Екатерина Филипповна санаатын үллэһиннэ.

Мантан аллараа «Хотун Бүлүү» телестудия бэлэмнээбит матырыйаалын көрөн сэргээҥ.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше