И.И. Константинов — Дэлэгээт Уйбаан аатынан Сулҕаччы орто оскуолатын коллектива оҕолору өбүгэ төрүт дьарыгар иитэр- үөрэтэр үтүө үгэһи тутуһар. Ол сиэринэн ааспыт өрөбүлү коллектив, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр «Көҥүүдэ» күөлгэ күһүҥҥү мунхаҕа күргүөмүнэн балыктаан атаардылар.
Үгэс буолбут муҥха быйыл Россия үрдүнэн Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо-аймах сылын чэрчитинэн ыытылынна. Манна ыаллыы олорор Сэргэ Бэс бөһүөлэгин М.Н. Сибиряков аатынан ситэтэ суох орто оскуолатын оҕолоро, төрөппүттэрэ, учууталлара бииргэ кыттыһан муҥхалаатылар. Уопсайа 37 улахан киһи уонна 17 оскуола үөрэнээччитэ бары биир киһи курдук тэҥнэ, тиритэ-хорута үлэлээн көмүс хатырыктааҕы хото ыллылар.
Бука бары үөрэ-көтө айылҕаҕа сынньанан, чэбдик салгыҥҥа үлэлээн- хамсаан дьоннорун үөрдэр минньигэс балык кэһиилээх, өттүк харалаах тарҕастылар.
Муҥханы иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыыппыт оскуола суоппара Михайлов Данил Петрович, оскуола коллективын эр дьоно бэтэрээн учууталларга, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр Күөх Боллох быйыҥыттан бэрсэн, кырдьаҕастар махталларын, алгыстарын ыллылар.
Аграфена Данилова, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы, оҕолор общественнай хамсааһыннарын ситимнээн иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ.