Амматааҕы лиссиэйгэ, уһун өрөбүллэри баттаһа, алтынньы 21 күнүгэр 5-8 кылаас үөрэнээччилэригэр уонна алтынньы 26-27 күннэригэр үрдүкү 9-11 кылаастарга аналлаах коммунарскай түмсүүлэр буолан аастылар. Бу үгэс буолбут, сылын ахсын ыытыллар тэрээһини оскуола иһинэн үлэлиир «Үрдэл» оҕо общественнай тэрилтэтин активистара тэрийэн ыыттылар.
Оҕолор бу тэрээһиҥҥэ этэрээттэринэн хайдыһан, станцияларынан сылдьан оонньоотулар, араас сорудахтары толордулар, санаа атастастылар, бэйэ икки ардыгар бодоруһарга үөрэннилэр.
Улахан сүһүөх үөрэнээччилэрэ бэйэлэрэ уһулбут киинэлэрин көрдөрөн, бу күн мустубут дьон сэҥээритин уонна хайҕабылын ыллылар. Түмүккэ кыайыылааҕынан 11 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар. Кинилэр спорт тематыгар «Противостояние» киинэлэрэ муҥутуур кыайыылаах аатын сүгэн, дьүүллүүр сүбэ үрдүк хайҕабылыгар тигистэ. Ол курдук, кыайыыга дьулуурдаах, сыаллаах-соруктаах, ол туһугар күнүн ахсын үлэлиир киһи уобараһын сүрүн оруолларга оонньообут, сценарийын суруйбут, режиссердаабыт Харысхан Алексеев уонна Владмир Колосов киинэлэрэ, көрбүт дьону барыларын кэрэхсэттэ.
Онон коммунарскай түмсүүгэ сылдьыбыт оҕолор, учууталлар бары да дуоһуйа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, үҥкүү-битии аргыстаах уһун өрөбүллэригэр үөрэ-көтө тарҕастылар.
Наталия Рязанская.