Амма улууһугар Үһүс көлүөнэ оскуолата общественнай түмсүү 2013 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон ылата аҕам саастаах ытык-мааны дьоммут кэрэхсэбиллэрин, биһирэбиллэрин ылан номнуо 10 сыл таһаарыылаахтык, айымньылаахтык үлэлииллэр. Сылын аайы араас культурнай-маассабай тэрээһиннэри ыытан, нэһилиэк олоҕор-дьаһаҕар, дьаһалта үлэтигэр-хамнаһыгар төһүү күүс буолаллар.
Үбүлүөйдээх тэрээһин тохсунньу 12 күнүгэр Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр киэҥ далааһыннаахтык ыытылынна. Амма, Бөтүҥ, Абаҕа, Мээндиги, Соморсун, Сулҕаччы, Чакыр, Болугур, Амма Наахара, Алтан, Эмис, Сатаҕай Үһүс көлүөнэ оскуолаларын волонтердара уонна үөрэнээччилэрэ мустаннар баай быыстапкаларын дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруордулар. Маны сэргэ Амма нэһилиэгин «Туос тойуга» айар түмсүү салайааччыта, норуот маастара Клавдия Новикова уонна Болугур нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Арчылаана” кулууп салайааччыта Ульяна Иванова маастар-кылаастарыгар сылдьан ситии хатыытыгар, Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин «Оһуор» түмсүү чилиэнэ Надежда Эверстова таҥас кырадаһыннарыттан кыбытыктаах тигии уустук көрүҥэр үөрэннилэр. Үбүлүөйдээх тэрээһин умнуллубат кэрэ көстүүтүнэн талба талааннаах иистэнньэҥнэр Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии чэрчитинэн тикпит сахалыы ойуулаах-мандардаах мааны таҥастарын кэтэн муода көрдөрбүттэрэ буолла. Мээндигилэр, амма наахаралар, эмистэр, аммалар, болугурдар, чапчылҕаннар толору комплектаах кытыылаах соннорун, алтаннар 12 миэтэрэттэн тигиллибит сахалыы халадаайдарын, абаҕалар хаһыаччыктаах сайыҥҥы былааччыйаларын, ама, ким хараҕа хайгыы, астына, киэн тутта көрбөтөҕө буолуой? Бөтүҥнэр оҕуруо киэргэллээх нуорка саҕалара ханнык дьахтар кэрэ көстүүтүн, мааныга кэтэр былааччыйатын киэргэппэт буолуохтарай!
Дьоро күн үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыга Степан Кузьмин түмсүү инники сайдыытыгар анаан 100 000 солк. суумалаах туоһу суругу үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Салайааччы Наталья Дьячковская өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар тус кылаатын иһин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга кэмитиэт Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна. Дьокуускай куораттан СӨ Үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта Пелагея Прядезникова анаан-минээн кэлэн эҕэрдэлээтэ. «Үһүс көлүөнэ оскуола» өрөспүүбүлүкэтээҕи общественнай тэрилтэ махтал суруктарын туттартаата. Үөрүүлээх үбүлүөйүнэн Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, Амматааҕы нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуу комплекснай киинин салайааччыта Любовь Дорофеева, улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин управлениетын салайааччыта Саргылаана Неустроева, Абаҕа нэһилиэгин баһылыга Максим Семенов, Амма нэһилиэгин баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Василий Дьяконов, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ социальнай, государственнай гражданскай сулууспа туйгуна, Сатаҕай, Амма нэһилиэктэрин, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына Аиза Чемезова, улуустааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта СӨ бочуоттаах олохтооҕо, СӨ социальнай сулууспа туйгуна, Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Наталья Дьячковская, Ф. Потапов аатынан Амматааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Петр Кулаковскай эҕэрдэлээтилэр.
Амма улууһугар общественнай хамсааһын сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсэр бастыҥ үлэлээх волонтердар, үөрэнээччилэр наҕараадаланнылар. Амма олохтооҕо Прасковья Федорова СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ үрдүк аатын сүктэ. Амма нэһилиэгин “Солобуода” ансаамбыл үҥкүүһүтэ, сцена бэтэрээнэ Анна Васильева СӨ бэтэрээннэрин Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна. Арассыыйа бочуоттаах суол тутааччыта, СӨ тырааныспар үтүөлээх үлэһитэ, Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иван Бураев СӨ сэрии, үлэ, сэбилэниилээх күүстэр уонна бэрээдэги көрөөччүлэр бэтэрээннэрин (биэнсийэлээхтэрин) общественнай тэрилтэтиттэн Бочуотунай грамотаны тутта. Дэгиттэр талааннаах норуот маастара Клавдия Новикова Амма нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо үрдүк аатын сүктэ.
“Амма улууһа (оройуона)” МО баһылыгын Махталын Амма Наахара нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Людмила Ксенофонтова уонна Алтантан үлэ бэтэрээнэ Вера Новикова туттулар. “Амма киэн туттуута” бэлиэнэн Болугур нэһилиэгин Үһүс көлүөнэ оскуолатын салайааччыта, “Арчылаана” түмсүү солбуйааччыта Матрена Алексеева наҕараадаланна.
Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан Бөтүҥ олохтооҕо, сцена бэтэрээнэ, иискэ, быысапкаҕа, баайыыга үрүҥ көмүс волонтер Екатерина Рахмонова, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, иискэ үрүҥ көмүс волонтер, “Талаана” үҥкүү коллективын салайааччыта Мария Никитина, Абаҕа нэһилиэгин “Түһүлгэ” үҥкүү коллективын чилиэнэ Раиса Назарова уонна Соморсун олохтооҕо, саха төрүт таҥаһын тигиигэ үрүҥ көмүс волонтер Наталья Христофорова бэлиэтэннилэр.
Улуустааҕы социальнай управление Бочуотунай грамоталарын Мээндигиттэн бэтэрээннэр хамсааһыннарын активиһа Вера Борисова уонна Амматтан сахалыы остуол оонньууларыгар үрүҥ көмүс волонтер Галина Карамзина туттулар. Улуустааҕы ыччат бэлиитикэтин управлениетын махтал суруктарын Чакыр олохтооҕо саха национальнай көстүүмнэрин уонна кыбытыктаах тигиигэ волонтер Матрена Алексеева, Бөтүҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, спорт бэтэрээнэ Тамара Иванова, СӨ гражданскай көҕүлээһин туйгуна Светлана Килбясова уонна Амма Наахараттан кыбытыктаах тигиигэ волонтер Александра Константинова туттулар.
Амма улууһун Үһүс көлүөнэ оскуолатын общественнай түмсүү грамоталарынан Сулҕаччыттан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Күөгэйэ” үҥкүү ансаамбыл чилиэнэ Екатерина Михайлова, Бөтүҥтэн иис уонна рукоделия маастара Людмила Ефремова, иискэ уонна рукоделиеҕа үрүҥ көмүс волонтер Анна Тихонова, Покровкаттан “Полюшка” ырыа, “Майские узоры” үҥкүү ансаамбыллар чилиэнэ, рукоделиеҕа үрүҥ көмүс волонтер Любовь Бунтовская, Эмистэн дуобакка үрүҥ көмүс волонтер Алексей Гаврильев, Сатаҕайтан иискэ үрүҥ көмүс волонтер Февронья Никитина, Амматтан “Иэйэхситтэр” ырыа ансаамбыл салайааччыта Мирослава Федорова, “Солобуода” бальнай үҥкүү ансаамбыл чилиэнэ Евдокия Кузьмина уонна “Кэхтибэт кэрэ куоластар” вокальнай ансаамбыл чилиэнэ Ольга Федорова бэлиэтэннилэр. Маны таһынан Амма нэһилиэгин дьаһалтатын махтал суругунан Александра Андреева, Ксения Алексеева уонна Ф. Потапов аатынан норуот айымньытын дьиэтин махталынан «Кэхтибэт кэрэ куоластар» вокальнай ансаабыл салайааччыта, культура уонна сцена бэтэрээнэ Светлана Алексеева наҕараадаланнылар.
“Мои года мое богатство” кэнсиэргэ улууска биллэр-көстөр уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара, сцена бэтэрээннэрэ Амма нэһилиэгиттэн “Кэхтибэт кэрэ куоластар” ырыа, “Иэйэхсит” фольклор, Амма Наахара “Чэлгийээнэ” ансаамбыллара истиҥ иэйиилээх нууччалыы, сахалыы ырыалары кыайа-хото толордулар. Дьокуускай куораттан “Талбаана” үҥкүү ансаамбыла “Ыраас хаар”, Абаҕаттан “Түһүлгэ” ансаамбыл “Илгэ тойуга”, Амматтан “Солобуода” ансаамбыл “Алгыс үҥкүүтэ”, Сулҕаччыттан “Күөгэйэ” ансаамбыл бурятскай, бөтүҥнэр туркменскай, алтаннар ретро үҥкүүлэрэ, Эмис олохтоохторо Мотрена, Авдей Тимофеевтар вальстара, мээндигилэр “Холкуостаахтар ырыалара” дьоро киэһэни киэргэттилэр.
Вера Иванова.