Долгуйар Дьокуускай куоракка “Уһун үйэлэниигэ бииргэ” диэн аҕам саастаах дьоммут кыттыылаах бэртээхэй, сэргэх бэстибээл аан бастакытын 100-тэн тахса киһини түмэн буолан ааспыта. Бу бэстибээлгэ Наталья Дьячковская салайааччылаах улуустааҕы Үһүс көлүөнэ оскуолатын көхтөөх кыттааччылара ыҥырыллан бара сырыттылар.
“Бу наһаа интэриэһинэй тэрээһиҥҥэ Амматтан ахсыа буолан сырыттыбыт. Бэстибээл Оҕо Дыбарыаһыгар буолла. Кыттааччылары «Үһүс көлүөнэ оскуолата»бырайыак ааптара, өрөспүүбүлүкэтээҕи биир кэлим социальнай хааччыйыы киинин дириэктэрэ Наталья Пахомова, куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евдокия Евсикова, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Үһүс оскуола» салайааччыта Пелагея Прядезникова эҕэрдэлээтилэр.
Уопсай кэнсиэргэ икки нүөмэри биэрдибит. Ол курдук Клара Афанасьевна Малыкайцева уонна Александра Андреева дуэттаатылар. Кинилэргэ баянынан Василий Неустроев доҕуһуоллаата. Ону кытта Эмистэн Матрена Николаевна Тимофеева индийскэй үҥкүүнү толордо.
Наһаа үчүгэй бэстибээлгэ сырыттыбыт. Элбэҕи биллибит. Волонтердарбыт араас маастар кылаастарга кытыннылар. Бэстибээл кыттыылаахтара мэйиини эрчийэр араас скрининг- тестэри аастыбыт. Сүһүөх реабилитациятын туһунан иһиттибит. Ону кытта хааммыт баттааһынын мээрэйдээтилэр, сатурацияны бэрэбиэркэлээтилэр, терапевт быраас консультациялаата. Психолог эмиэ баар. Бу тэрээһиҥҥэ кыттан тахсарбытыгар биһиэхэ массыынаны улуус дьаһалтата хааччыйда. Суоппарбыт Геннадий Геннадьевич Иванов диэн олус сэргэх, элэккэй буолан наһаа үчүгэйдик айанныы сырыттыбыт. Манна биһигини кытта улуус бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мария Романовна Захарова сырытта. Бэстибээлгэ Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас уонна Амма улууһа ыҥырыллыбыппыт ”, — диэн Наталья Кононовна сырдатта.
“Амма олоҕо” хаһыат