Үлэ дьонун үйэтитэр бырайыак ыыра кэҥиир

Алтан нэһилиэгин көхтөөх далбардара Наталья Борисова уонна Римма Дьячковская саҕалаабыт “Үлэ аргыстаах эдэр саас” бырайыактара киэҥ сэҥээриини ылар. Ил Түмэн Судаарыстыбаннай Мунньах кыра саалатыгар бырайыагы дьүүллэһии, өссө кэҥэтии туһунан кэпсэттилэр. “Төгүрүк остуолу” Амма улууһун дьаһалтата уонна СӨ уопсастыбаннай палатата тэрийэн ыыттылар. Ил Түмэн дьокутаата Александр Корякин бырайыак бу таһымҥа тахсарыгар күүс-көмө буолла.

Үлэ аргыстаах  эдэр саастара ааспыт дьону кытта кэпсэтэн, кинилэр үлэрэ-хамнастара, сыаннастара үүнэр көлүөнэҕэ туһалаах буоллун, ону киэҥ эйгэҕэ таһааран тарҕатыыга туһуламмыт кэпсэтиини тутууга, олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтэ ( бэрэссэдээтэл Александр Корякин) тэрийдэ. Кэпсэтиини Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Нюргуяна Илларионова иилээн-саҕалаан, сатабыллаахтык салайа тутан ыытта. Ол курдук бырайыак суолталааҕын, дьиҥ чахчыта өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тарҕаныан наадатын, ону таһынан өссө федеральнай таһымҥа кытта үлэлиэн сөбүн туһунан Ил Түмэн дьокутааттара  Александр Корякин, Александр Атласов, СӨ уопсастыбаннай палататын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы  Елена Ефремова, Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин,  СӨ сэрии, үлэ Сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы харыстыыр уорганнар бэтэрээннэрин уопастыбаннай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Василий Васильев, “Арассыыйа ийэлэрэ” уопсастыбаннай хамсааһын Саха сиригэр салайааччыта Прасковья Борисова,  уопсастыбаннай палата чилиэннэрэ Сергей Расторгуев, Альбина Черепанова эттилэр, санааларын үллэһиннилэр. Онтон бу бырайыак  туһунан үлэлэһэ сылдьар Наталья Борисова, “Арассыый ийэлэрэ” хамсааһын Амматааҕы салаатын салайааччыта Оксана Архипова, үлэни тэрийэр  Галина Бочугурова,  Алтан нэһилиэгин баһылыга Николай Карамзин, Амма улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Захарова, саамай көхтөөхтүк үлэлэһэ сылдьар, хайыы үйэ 90 киһини устубут Бөтүҥтэн Александра Егорова, Серафима Яковлева сүрдээх сиһилии мустубут дьоҥҥо тириэртилэр. Бөтүҥнэр бу устубут дьоннорун кэпсээнин өссө куйаар кодтаан, киэҥ эйгэҕэ таһаарарга олук уурбуттара олус бэртээхэй эбит. Маны сэргэ бу бырайыак геройдара буолбут Дьокуускайтан Анатолий Жожиков, Михаил Александров, Василий Кузьмин санааларын үллэһиннилэр, эдэр саастарын ахтан-санаан аастылар.

Кэпсэтии түмүгүнэн резолюция ыллыллан үлэ салгыы кэҥиир. Маныаха кэпсэтиини салайбыт, улууска бу бырайыак олоххо киирэригэр үлэлэһэр, үлэни сүрүннүүр Нюргуяна Илларионова билигин уопсастыбаннас күүһүнэн бара сылдьар бырайыак хайаатар да үбүлэниэхтээх, маныаха “Үүнэр көлүөнэ пуонда” инвестиционнай бырагырааматыгар киирэрэ наадатын бэлиэтээтэ.

“Ил Түмэҥҥэ бырайыакпыт хаамыытын, тэтимин, салгыы сайыннарар суолбутун- ииспитин сырдатан, бары  кэпсээммит, биһирэбили, сэҥээриини ыллыбыт. Ил Түмэн дьокутаата, тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Павлович Атласов бырайыагы сэҥээрэн,  сөптөөх теманы ылаҥҥыт, тыа сирин үлэһиттэрин сырдатаргыт наадалаах, үлэ сыаннастарын ыччакка тириэрдэргитин хайгыахха сөп диэн бэлиэтээтэ уонна бырайыак туһунан бу ахсынньы 22 күнүгэр ыытыллыахтаах бэрэстэбиитэллээх уорганнар муниципальнай сэбиэттэрин мунньаҕар кэпсиэххэ наада диэн этии киллэрдэ. Ону биһиги үөрүүнэн ылынныбыт. Хас биирдии тыл этээччи » саамай сөптөөхтүк, билиҥҥэ кэмҥэ эппиэттиир, дьону түмэр, уһуллар дьоҥҥутун үйэтитэргит наадалаах диэн биһирээтилэр. Дьэ онон, инники соруктарбыт, суолбут улахан таһымҥа сэҥээриллэн, салгыы хорутуулаахтык суолбутун солуурбутугар көдьүүстээх буолуо”, — диэн координатор Галина Бочугурова санаатын үллэһиннэ.

 

Инникитин куйаар кодтаммыт кэпсээннэри, ааспыт үйэбит үлэһит дьонун кэпсээннэрин улууспут хаһыатыгар таһаарарга сүбэлэстибит.

“Амма олоҕо” хаһыат

Читайте дальше