Өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылын чэрчитинэн Алтаннааҕы «Иэйии» култуура киинигэр олоҕун үлэнэн киэргэппит үтүө киһиэхэ анаммыт истиҥ иһирэх киэһэ буолан ааста. Ол курдук орто дойду олоҕор олорон ааспыт кэмигэр тутуу курдук бочуоттаах идэни толору баһылаабыт, уһун кэмҥэ талан ылбыт идэтигэр бэриниилээхтик үлэлээбит, тутуу бөҕөтүн ыыппыт ытыктыыр киһибит, убаастыыр күтүөппүт, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ, Алтан нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Алтан нэһилиэгэр киллэрсибит кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына Иван Иванович Чямпин үтүө аатын үйэтитэ «Үлэнэн дьолломмут олох» ахтыы тэрээһинэ ыытылынна. Тэрээһини Иван Иванович төрөппүт кыыһа Ольга Ивановна Чямпина иилээн-саҕалаан ыытта. Бу тэрээһин сүрүн сыалынан төрүт ситимин ситиитин ыһыктыбакка кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыы, үйэтитии буолар.
Иван Иванович Чямпин сайын кэлиитин баттаһа, кэҕэ доҕуһуоллаах ыам ыйын 25 күнүгэр 1936 сылаахха Мэҥэ-Хаҥалас Бүтэйдээҕэр күн сирин көрбүтэ. Сэрии сылларынааҕы оҕо сиэринэн кыра сааһыттан улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ үлэҕэ миккиллибитэ. Болуотунньук-тутааччы быһыытынан үлэтин кэрдииһэ 1955 сыллаахтан Сатаҕайтан саҕаламмыта. 1957 сылтан Алтаҥҥа тутуу биригээдэтигэр киирэн орто оскуола тутуутугар үлэлэспитэ. Тутууга олоҕун 38 сылын анаабыта. Дьону салайар кыаҕын, билиитин-көрүүтүн таба көрөннөр, олохтоох ОПТУ-га тутааччы-маастар идэтин ылаатын кэннэ биригэдьииринэн аныыллар. Бу кэмнэргэ кини салалтатынан Сатаҕай, Алтан нэһилиэктэригэр элбэх социальнай, култуура, тыа хаһаайыстыбатын эбийиэктэрэ тутуллубуттара. Ол курдук, кылгас кэмҥэ Алтаннааҕы 15 нүөмэрдээх ОПТУ үөрэнэр куорпуһа, спортзал, 2, 4 кыбартыыралаах дьиэлэр, пилорамалар, сибээс отделениетын, хонтуоралар, баанньык, гараж, култуура киинин, балыыһа стационарын, оскуола интэринээтин дьиэлэрэ дьэндэспиттэрэ. Маны сэргэ Лэбиккэ, Кытах күрүөҕэ, Сылгы Бастаахха хотоннор, 2, 4 кыбартыыралаах дьиэлэр, сиилэс траншеялара, Эмискэ, Олом Күөлгэ тутуулар үлэҕэ киирбиттэрэ. Иванович Иванович үүт бородууксуйатын оҥорон таһаарыыны тупсарар, хамнаһы үрдэтэр сыалтан нэһилиэккэ хаһаайыстыбалааһын саҥа көрүҥүн тэрийбитэ. Ол курдук, 1989 сылга тыа хаһаайыстыбатын бастакы арендатордарыттан биирдэстэрэ буолбута. Баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтиттэн бастакы арендатор буоларын туоһулуур сэртипикээт ылбыта. 50-с сыллартан көҥүл тустуунан дьарыктаммыта. Оройуон хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ. Эдэр ыччаты спорт бу көрүҥэр уһуйбут уопсастыбаннай тренер буолар. Иллэҥ кэмигэр нэһилиэк дьонугар тутууга көмөлөһөрө, ыҥырыыга сылдьар сүбэһит этэ. Булчут ааттааҕа, байанайдааҕа быһыытынан биллэр.
Алтаммыт үтүө, үлэһит киһитигэр анаммыт киэһэҕэ Иван Иванович аймахтара, бииргэ үлэлээбит дьоно-сэргэтэ, алтыспыт, доҕордоспут табаарыстара, бииргэ бултаабыт доҕотторо-атастара сүрдээх истиҥник ахтан-санаан аһардылар. Кини киһи быһыытынан холку майгылааҕын, киэн көҕүстээҕин, айылҕаттан бэриһиннэрбит дьону салайар, түмэр дьоҕурдааҕын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Оччотооҕу тиэхиникэ кырыымчык кэмигэр нэһилиэк сайдарын туһугар аҥардас сүрэх тэбиитинэн, баҕа күүһүнэн улахан тутуулары тымныыны-силбиги аахсыбакка инчэҕэй илиилэринэн мастаан, тиэйэн күн бүгүнүгэр диэри сулууспалыы турар эбийиэктэри сөҕө-махтайа аҕыннылар. Бултка-алтка көрүдьүөс түгэннэри кэпсээн сааланы сэргэхситтилэр.
Түмүккэ Ольга Ивановна итии чэйдээх, дэлэгэй астаах остуол тула түмэн мустубут ыалдьыттарга дириҥ махталын тириэртэ. Нэһилиэк социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрсибит аҕатын сырдык аатын үйэтитэр сыалтан тутуу биригээдэлэрин икки ардыларыгар күрэх тэрийэр баҕа санаалааҕын эттэ. Кэнэҕэски көлүөнэҕэ Иван Иванович Чямпин үтүө аата, орто дойдуга олорон ааспыт дьоһун олоҕо, үлэтэ-хамнаһа бу күрэх нөҥүө сыллата сырдатыллан үтүө үгэскэ кубулуйдун диэн алгыспытын тириэрдэбит.
Татьяна АТЛАСОВА