Амматааҕы дьарыктаах буолуу киинэ CӨ накаастабылы толоруу федеральнай управлениетын Мэҥэ Хаҥаластааҕы муниципалитеттар икки ардыларынааҕы филиалын кытта бииргэ “Труд- путь к новой жизни” диэн үлэ дьаарбаҥкатын тэрийдэ.
“Бу дьаарбаҥка кэмигэр инспекцияҕа учуокка турар дьоннорго консультация оҥоһуллунна. Уопсайа 18 киһи кэлэн барда. Ол иһигэр 9 киһи үлэлээхтэр, 9 -һа туох да дьарыга суохтар. Кинилэртэн идэҕэ үөрэниигэ 1 киһи, дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туруу боппуруоһунан 6 киһи ыйыталаста, сүбэ ылла. Ону кытта үлэҕэ киириигэ направлениены 1 ылла, социальнай хантыраак түһэрсэр туһунан 1 киһи кэпсэтистэ”, — диэн дьарыктаах буолуу киин инспектора Наталья Иванова сырдатта.
Маннык дьаарбаҥкалар көмөлөрүнэн олоххо сыыһа үктэммит дьон үлэ булан, олохторун саҥаттан саҕалыылларыгар кыах бэриллэр. Этэргэ диэри, үлэ киһини киһи оҥордоҕо.
“Амма олоҕо” хаһыат