Амма улууһун баһылыга Степан Кузьмин салайааччылаах улуус дьаһалтатыттан исписэлиистэр бу күннэргэ нэһилиэктэргэ сылдьан хаһаайыстыбалары көрөллөр, кыстык туругун билсиһэллэр. Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн эрэ иннинэ ыраах сытар Олом Күөл учаастагар уонна Эмис нэһилиэгэр баар “Сата” бааһынай хаһаайыстыба хотонун киирэн көрдүлэр, үлэһиттэри кытта көрүстүлэр.
Улуус баһылыгын кытта кыстык туругун билсиһэ тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов, кылаабынай зоотехник Дмитрий Соловьев уонна улуус бааһынайдарын Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Александра Цыпандина сырыттылар.
Олом Күөлгэ саха ынахтарын иитэр Егор Кузьмиҥҥа тиийдилэр. Егор Николаевич салайар хаһаайыстыбата “Саха сүөһүтэ” ГКУ тирэх хаһаайыстыбата буолар. Онон манна кини сүөһүтүн төбөтүгэр субсидия ылар. Оломнор күн бүгүн сүөһү ахсаанын элбэтиигэ үлэлэһэллэр.
“Уопсайа 82 төбөлөөхпүн. Манна ыанара 26 төбө. Үүттэрэ кыра, туттарбаппыт. Ньирэйдэрин аһатабыт. Барыларын ыабаппыт. Сайын уонтан тахса ынаҕы ыыбыт. Күн бүгүн 3 ньирэйдээхпит. Саҥа төрөөн эрэллэр. Этэҥҥэ буоллаҕына, ынахтарбыт бары төрүөхтээхтэр. Бэтэринээрдэри Эмистэн аҕалан көрдөрөбүт, укуоллатабыт. Билиҥҥитэ этэҥҥэ кыстаан тураллар. Оппут баар. Хаачыстыбата үчүгэй. Саҥа төрөөбүттэри өссө үчүгэй отунан хадаҕалыыбыт”, — диэн Егор Николаевич кэпсиир.
Саха ынахтара барахсаттар түүлэрэ хойуу буолан кыһыннары таһырдьа аһыыллар эбит. Туох да буолбаттар. Арай улахан тымныыларга борооскулары таһаарбаппыт дэһэллэр үлэһиттэр. Саҥа төрөөбүт ньирэйдэр хотон иһигэр көҥүл көччүйэллэр. Үлэһиттэр сахалыы ааттыахпыт дэһэллэр. Егор Николаевич, быйыл тирэх хаһаайыстыбаларга сүөһү төбөтүгэр бэриллэр 40 тыһ. солк буолла диэн үөрэр. Былырыын 1,5 мөл солк субсидия ылан саппаас чааһыгар, уматыгар туттан абыраммытын, олус көмөлөөҕүн бэлиэтиир. Ил Дархан Айсен Николаев өбүгэлэрбититтэн кэлбит төрүт сүөһүбүтүн элбэтэргэ улахан болҕомтотун ууран эрэрин фермер астына бэлиэтиир. Чахчы да бэйэбит сүөһүбүт этэ да, үүтэ да минньигэһэ, иҥэмтиэлээҕэ сыттаҕа дии.
Олом учаастагар өссө биир бааһынай хаһаайыстыба баар. Ол курдук Егор Константинов күүһэ-кыаҕа тиийэринэн төрүттэрин сиригэр эмиэ хотон туттан, сүөһү, сылгы көрбүтэ хаһыс да сылыгар барда. Кыһыннары үүтүн тоҥунан туттара олорор эбит.
“Бу бэҕэһээ алтыс ньирэйим төрөөтө. Уопсайа 40 төбөлөөхпүн. Онтон ынаҕым 20 төбө. Онтон билиҥҥитэ алта төрөөтө. Элбээтэҕинэ аппараттанабын. Билигин илиибинэн ыыбын. Бэйэм соҕотохпун. Күнү быһа хотоммор сылдьабын билигин. Ньирэйдэрбин эмтэрэбин, ынахтарбын ыыбын. Отум игин баар. Кыстык этэҥҥэ”, — диэн Егор Егорович үлэтин быыһыгар сэһэргиир.
Егор Константинов 2017 сыллаахха Гран ылан хотон туттуоҕуттан илиитин араарбакка үлэлиир биир үчүгэй үлэлээх хаһаайыстыба эбит. Билигин кини саамай наадыйара техника. “Саатар биир МТЗ тыраахтыр баара буоллар, оппор абыраныам этэ” диир. Онон Граҥҥа киирсэн техника ылар баҕалаах.
Оробуочай бөлөх салгыы төннөн иһэн Михаил Бубякин баһылыктаах “Сата” бааһынай хаһаайыстыба кыстаан турар хотонун киирэн көрдө. Манна үлэ дьонугар бары усулуобуйа барыта баар эбит да, үлэһит илиигэ ыарахаттар бааллар. Михаил бэйэтэ от тиэйэ барбыт буолан, бөлөҕү аҕата Афанасий Афанасьевич көрсөн кыстыгын билиһиннэрдэ. Билиҥҥитэ 2 эрэ ынах төрөөбүт, хойутаатылар диэн этэр. Былырыын олунньуга быйылгытааҕар элбэх төрөөбүт эбит. Бу хаһаайыстыбаҕа эмиэ кыстыгы этэҥҥэ туоруур ас-үөл баар.
“Саамай ыраах сытар учаастактары тахсан көрдүбүт. Онно көрдөххө кыстык этэҥҥэ ааһан иһэр эбит. Отторо барыларыгар баар, саамай кылаабынайа сүөһүлэр, сылгылар да туруктара үчүгэй. Үлэһиттэр инники былааннарын билистибит. Быйыл улууспутугар көрбүт үбүлүһээммитин көрөн, муус устар ыйга быһааран ыыталыы сатыахпыт. Онон маннык улуус баһылыгын кытта хаһаайыстыбалар туруктарын, туох кыһалҕалаахтарын билсэбит”, — диэн тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Ион Кононов санаатын үллэһиннэ.
“Амма олоҕо” хаһыат