Ырыа аргыстаах Николай Нестерев

«МУУС УСТАР-2024» бэстибээлгэ «СулуСтар» музыкальнай күөн күрэскэ Амма улууһуттан эдэр эрчимнээх, талааннаах, биир бастыҥ ыччаппыт Николай Нестерев ситиһиилээхтик кытынна. Онлайн-куоластааһын түмүгэр «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал аат кыайыылааҕа буолан, 50 000 солк. суумалаах туоһу суругу тутта.

Николай Нестеревтыын кэпсэтиибитин сиһилии манна киирэн ааҕыҥ.

Коля, эйигин маннык улахан ыччат бэстибээлигэр ситиһиилээхтик кыттыбыккынан, «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» номинация кыайыылааҕа буолбуккунан эҕэрдэлиибин! Бэстибээл кэнниттэн туох санаалар үөскээтилэр, бэйэҕэр тугу саҥаны биллиҥ-көрдүҥ, сонуну арыйдыҥ?
Улахан махтал! Бастатан туран, миэхэ куоластаабыт бар дьоммор ис сүрэхтэн махтанабын! “Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ” диэн маны этэн эрдэхтэрэ. Маннык бэстибээл саҥа тахсан эрэр, ырыанан утумнаахтык дьарыктаныан баҕалаах ыччаттарга олус наадалаах. Салгыы улахан сценаҕа тахсарга, айарга-тутарга далаһа буолар. Мин наһаа да биллэ-көстө сатаабатарбын улууһум чиэһин төһө кыаҕым баарынан көмүскээтим. Эстрада театрыгар биэс күн устата ырыа эйгэтигэр дьаныардаахтык дьарыктанан бэрт үчүгэй күннэр аастылар.


— Бу бэстибээлгэ туох санааттан, тоҕо кыттарга санаммыккыный? Күөн күрэс туһунан ааҕааччыларга сырдата түһүөҥ дуо?
Бэстибээли кэтээн көрбүтүм ыраатта, холонон көрүөххэ баар эбит диэн санаалар эрдэ эмиэ киирэллэрэ. Ону, дьэ, быйыл төрдүс төгүлүн ыытыллыытыгар улууһум дьаһалтатыттан, үлэлиир тэрилтэбиттэн, дьоммуттан ыйыталаһан, барытын торумнаан баран киирсэн көрүөххэ диэн санааҕа кэлбитим. “Талаан норуокка баар” диэн мээнэҕэ эппэтэр. Чахчы даҕаны 15 улуустан араас талааннаах ыччаттар кэлбиттэр, бары күүстээхтэр. Бэстибээл тэрийээччилэрэ быйылгы күөн күрэс таһыма олус үрдүк дииллэрэ ону эмиэ туоһулуур. Күөн күрэс барылынан икки бириистээх миэстэ баар, ол – кыайыылаахха 100 000 солкуобай уонна “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аакка 50 000 солкуобай. Уопсайа түөрт түһүмэхтээх. Бастакыта сүүмэрдиир түһүмэх, иккиһэ наставниктарынан тыырыллыы, ол эбэтэр ыллаабытын кэннэ эйигин биэс уһуйааччыттан биирэ талар. Ол кэннэ полуфинал, бу түһүмэххэ талбыт уһуйааччыбыт үс киһиттэн салгыы финалга биир кыттааччыны таһаарар. Онно талыллыбыт биэс ыччат финалга бастыыр иһин кииристибит.
Тыый, чахчы да улахан сүүмэрдээһини ааспыккын дии. Бэйэҥ кыттыыҥ туһунан тугу этиэҥ этэй? Ханнык ырыаны ыллаатыҥ? Кимнээх күүс-көмө, өйөбүл буоллулар?

Санаабар, өссө үчүгэйдик ыллыахха сөп этэ. Ол эрэн бастакы холонууга син ама соҕус. Сүүмэрдиир түһүмэххэ “Ыллаан-туойан ааһыаҕыҥ” ырыаны, онтон полуфиналга Аскалон Павлов “Күһүҥҥү киэһэ” ырыатын толордум. Күөн күрэскэ кыттарбар үлэлиир тэрилтэм улуустааҕы култуура уонна норуот айымньытын салалтата, итиэннэ ыччат управлениета күүс-көмө буолбуттара.
Ырыаҕа эйигин ким уһуйбутай? Ханнык ырыалары толороргун сөбүлүүгүнүй? Сөбүлүүр ырыаһыттарыҥ?
Ырыаҕа ким даҕаны уһуйбатаҕа, оҕо эрдэхпиттэн көннөрү ыллыырбын сөбүлүүбүн. Өр ыллаабатахпына, хайдах эрэ тыыным-быарым хаайтарар, санаам тууйуллан “куһаҕан буолабын”. Ырыа мин олохпор оннук улахан суолталаах, дууһам эмэ диэн этиэхпин сөп. Сахабыт эстрадатын сулустарын ырыаларыттан бытаан буоллун, түргэн буоллун барытын толоробун. Бэйэм Байбал, Аскалон Павлов, Виталий Очиров, Умсуура ырыаларын сөбүлээн истэбин.
Амма дьоно эйигин ыытааччы, тамада, тэрийээччи курдук ордук билэбит. Бэйэҥ тускунан билиһиннэриэҥ дуо?
Оннук баар, шоумен игин дииллэр (үөрэр), ол эрэн ити тамадалыыр, ведущайдыыр дьарыгым устудьуон сыллартан саҕаламмыта. Бу диэн эттэххэ, тэрээһиннэри ыытарбар, хаһан даҕаны реклама ыыппаппын. Дьон бэйэтэ миэхэ этиилээх таҕыстаҕына, үлэм быыһыгар быыс-арыт баар буоллаҕына, үлэлиибин. Култуура эйгэтигэр олох кэнники кэлбитим. Эрдэ тоҕус сыл устата утумнаахтык тустар этим, кэккэ ситиһиилэр да бааллара. Ол эрэн кэнники олох атын сиргэ сылдьабын дуу диэн санаалар кэлбиттэрэ. Култуураҕа сыстан барбытым, курдаттыы тартара турарым. Оскуолам драм куруһуогар киирбитим, олоҥхолуур буолбутум, КВН-нан дьарыктаммытым. Култуура эйгэтигэр бастакы уһуйааччым Анисия Даниловна Софронова буолар. Ол дьарыктана сылдьан, бу миэнэ эбит диэбитим уонна оскуолабын бүтэрээт да, Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство колледжыгар киирэн, үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрбитим. Ол кэнниттэн Улан-Удэтээҕи уонна Илин Сибиирдээҕи култуура институттарыгар үөрэхпин үрдэтинэн, режиссер идэлээхпин. Билигин дойдубар култуура салалтатыгар культурнай-досуговой отдел салайааччытынан үлэлиибин. Үлэбин олус астынабын.
Олоххор тутуһар сүрүн ирдэбиллэриҥ?
Бэйэҕэр эрэн диэни тутуһабын.
Эн санааҕар, дьол диэн тугуй?
Дьол диэн олус киэҥ өйдөбүл. Мин санаабар, дьол диэн икки атахтаах, икки илиилээх чөл, чэгиэн туруктаах күн сиригэр хаама сылдьарым, дьиэ кэргэним, оҕолорум, тулалыыр эйгэм буолар. Орто дойдуга киһилии олох олорорум дии саныыбын. Бу элбэх түбүктээх, барыылаах-кэлиилээх үлэбэр күүс-көмө, өйөбүл буоларыгар кэргэммэр Бүлүү кэрэ кыыһыгар Күннэйбэр махтанабын. Бииргэ олорбуппут быйыл тохсус сыла. Үс оҕолоохпут, кыыспыт иккис кылаас үөрэнээччитэ уонна икки уолаттарбыт детсад иитиллээччилэрэ. Күннэйим баар буолан, киниттэн кынаттанан онно-манна аралдьыйбакка, күүстээхтик үлэлиибин. Кини курдук киһини көрсүбүппэр, аттыбар баарыгар, өйүүрүгэр уонна өйдүүрүгэр дьылҕабар махтанабын.
Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный?
Бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын ородоробун.
Инники былааннарыҥ?
Бэйэм авторскай ырыаларбын таһаарарга үлэлиэм.
Ыччакка баҕа санааҥ?
— Саха буоларбытын умнумуохха, төрүт үгэстэрбитин билиэххэ уонна эдэр төрөппүттэргэ оҕолорбутун сахалыы саҥардыахха диэн баҕа санаабын этэбин.

Вера ИВАНОВА

Читайте дальше