Амма Наахара нэһилиэгэр, кыһыҥҥы уһун өрөбүл бүтэһик күнүгэр Виктор Иванов — Сиэйэ уола ырыа аргыстаах доҕотторун Айаал Кириллины — Күндэли, Михаил Алексеевы — Мичиллэйи, Николай Никифоровы кытары ырыа киэһэтин бэлэхтээн аастылар.
Айылҕаттан айдарыылаах ырыаһыттар бу күн Амма Наахара олохтоохторун төрөөбүт дойдуга сүгүрүйүүгэ, айылҕа кэрэ көстүүлэригэр, таптал сылаас иэйиитигэр, санаа күүһүн кынатынан кыһыммыт тымныы күнүн аахсыбакка сомоҕолоон ырыа долгунунан айанныыр турукка киллэрдилэр. Алгыстаах күн ырыа дорҕооно дьикти күүс буолан тымныыга сылааһы, сиккиэргэ чуумпуну бэлэхтээтэ. Бииртэн биир ураты талааннар бэйэлэрин билиһиннэрэн ыллаан — туойан эдэрдии эрчимнээхтик угуттаатылар.
«Ырыа киһини уоскутар, эмтиир, санааны сааһылыыр күүстээх. Ырыаны олох суолунан айылҕаны кытта ситимнээн бэйэм кутум — сүрүм сааһыланан, ыраах ырыа иэйиитинэн толору киирэн көтөн, айаннаан уйдаран ылабын. Ырыа арыт тахсар, арыт тахсыбат эмиэ түгэннэрдээх. Ол көрөөччүттэн, истээччиттэн олус тутулуктаах буолар. Бу уустук кэмҥэ хас биирдии тыа сирин олохтооҕо санааны түһэрбэккэ куттуун — сүрдүүн күүстээх буолуоҕун, чөл олоҕу тутуһуоҕун! Эдэр ыччат ыһыллыбакка, атын тас омуктар дьайыыларыгар аһары оҕустарбакка, күүстээх буолуҥ! Бары бииргэ өбүгэлэрбит сиэрдэрин — туомнарын быраҕан, умнан кэбиспэккэ өрүү тутуһан сылдьыаҕын! Саха күүстээх буолан арааһы барытын тулуйан кэлбит омук. Өбүгэлэрбит суолларын батыһан, сиэри — туому тутуһан, куппутун — сүрбүтүн сааһылыыры сатаан күүстээх омук буоларбытын билинэн, айылҕаҕа чугастыы сыһыаннаһан, Ийэ айылҕабытын харыстаан олоруоҕун! Бүгүн күҥҥэ Сунтаартан төрүттээх бырааттарбын кытары бары тэҥҥэ ыллам ырыа суолунан айанныаҕын» -диэн этиитэ Виктор Иванов ис туруга ырааһын, инникини ыраҥалаан көрөр кыахтааҕын көрдөрөр. «Айыллыата Дьырылыат — бу айылҕаттан, айыылартан, өбүгэлэртэн ситимнээн кистээн — харыстаан иэйиибэр илдьэ сылдьыбыт аатым буолар. Айылҕаттан айыллыы, өбүгэттэн чочуллуу диэн буолар. Ат диэн дьөһөгөй оҕото, онтон дьырылыат диэн куолас буолар. Ыллаан-туойан айар үлэбитин быйыл тохсунньу 1 күнүттэн Амма улууһуттан саҕалаабыппыт. Бүгүн бүтэһик Өнньүөс, Болугур дэриэбинэлэригэр кэллибит. Биир дойдулаах уолаттарбын илдьэ сылдьан тыа олохтоохторун кытта алтыһан, дьоммут — сэргэбит алгыһын ылынан, айымньылаах үлэбит аартыга өссө аһыллыа этэ диэн санаанан үлэбитин саҕалаатыбыт» — диир Виктор Иванов.
Олохтоохтор биир дойдулаахпыт Дмитрий Максимов «Төкүнүк-бөкүнүк» ырыатын үөрэ көрүстүлэр. Кэнсиэр саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри ытыс тыаһынан саала ньиргийэн олордо. Түмүгэр «Дойдум миэнэ Сунтаарым» ырыаларыгар уолаттар бэйэ — бэйэлэрин ситэрсэн биэрэр дьикти куоластара сонуннук иһилиннэ.
Дьол сардаҥатын тутан
Олоххутун үөрүүнэн, үлэнэн салҕаан!
Тахсар күнтэн үөрэн
Олорор олоххутун таптаан!
Иллээх-эйэлээх олохтонон
Махталлаах, тапталлаах буолун!
Киһиэхэ үтүөтүн көрөн
Хас биирдии түгэҥҥэ үөрэн
Олоххутун дьолунан толоруҥ!» — диэн
Мичиллэй ырыатыныы хоһуйан бөлөххүтүн арчылаан , үлэ үөһүгэр сылдьар Саха талааннаах ыччаттарыгар ситиһиини баҕарабыт.
Ирина Корякина — Олесова.